Чурапчы улууһугар гаас ситимэ толору тардыллыахтааҕын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитин, олохтоохтор үөрэ кэпсииллэр. Кинилэр бу олохторугар ураты суолталаах дьаһал ылыллан эрэрин өр күүппүттэрин бэлиэтииллэр. Бу күннэргэ «Куоҕалы» ТОС олохтоохторо гаастаннылар.
Федора Седалищева, «Куоҕалы» ТОС салайааччыта:
— Тыа сиригэр гаас киириитэ сүҥкэн суолталаах. Биһиги ТОС-пут арҕаа түөлбэтин олохтоохторугар күөх төлөн киирэн, мантан ылата дьиэ кэргэн киэһэтин сынньанар, оҕолоругар болҕомтолорун аныыр бириэмэлэрэ элбээтэ, үлэлэригэр холкутук сылдьар буоллулар. Онон олохтоохтор махталлара муҥура суох.
СӨ Ил Дархан Айсен Николаев уонна бырабыыталыстыба ыытар үлэтин биһириибин. Айсен Сергеевич гаас киириитин үөрүүлээх түгэнигэр, Чурапчы нэһилиэгэр толору гаас киирэрэ чуолкай быһаарыллыбытын туһунан эппитин, билигин даҕаны оһох оттон олорооччулар үөрэ истэн, долгуйа, эрэнэ кэтэһэбит. Итини таһынан Лена өрүһүн туоруур муоста тутуллар буолбутун биһирии иһиттим.
Светлана Попова, «Куоҕалы» ТОС арҕаа түөлбэтин олохтооҕо:
— Биһиги ыал «Куоҕалы» ТОС арҕаа түөлбэтигэр гаас киирэрэ былааннанарын истэн, манна уһаайба ылан, дьиэ туттан былырыын сана дьиэҕэ киирбиппит. Онон быйыл Саҥа Дьыл бырааһынньыгын иннинэ күүтүүлээх гааспыт киирэн, үөрүүбүт улахан. Үлэбититтэн сылаас дьиэҕэ кэлэрбититтэн олуһун астынабыт. Бу бырайыак олоххо киириитигэр үлэлэспит СӨ Ил Дарханыгар Айсен Сергеевичка, бары үлэлэспит исписэлиистэргэ махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны күөх төлөн салгыы тардыллан үгүс ыалы сылааһынан угуттаан, үлэлэрин чэпчэтэн үөрдэ турарыгар баҕарабыт.