2022 сылга чааһынай дьиэлэргэ гааһынан ититиини киллэрэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 58 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Саха сиригэр чааһынай дьиэни бас билээччилэргэ гаас тардарга аналлаах тэрили атыылаһыыга уонна бэйэлэрин учаастактарыгар коммуникациялары ыытыыга 117 тыһ. солк. суумалаах субсидияны ылыахтара, диэн Саха сирин бырамыысаланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Бу бырамыысаланнас уонна геология министиэристибэтэ иилээбит региональнай бырагырааматын көмөтүнэн олоххо киирэр кыахтанна. Бырагыраама чэрчитинэн, олохтоохтор дьиэлэригэр гааһы киллэрэргэ көрсүбүт ороскуоттарын 75 %-нын судаарыстыба дьоҥҥо төннөрүөхтээх.
75%-наах компенсация харчытын Чурапчы улууһун Дириҥ, Чакыр, Туора-Күөл нэһилиэктэрэ ону тэҥэ, Горнай Бэрдьигэстээхтэрэ уонна Ленскэй куорат олохттохторо аахсыахтарын сөп.
«Өрөспүүбүлүкэ салалтатын бэбиэскэтигэр мэлдьи тирээн турар суолталаах соругунан-бөһүөлэктэри сылааһынан хааччыйыы буолар. Гаас ситимнэрин тутуу уонна тустаах тэрили атыылаһыы- дьиэ кэргэттэргэ улахан ороскуот буоларын өйдүүбүт. Онон сетевой гаас ситимэ тардыллыбыт пилотнай пууннарга олохтоохтор бу бырагыраама көмөтүнэн быйылгы сыл бүтүөр диэри дьиэлэрин гаастыыр кыахтаныахтара. Бу гааһы дьон олбуоругар тиэрдии эрэ диэн буолбатах, гаас хочуолун, билиитэтин атыылаһыы, ону ыраастааһын буолар», — диэн Саха сирин бырамыысаланнаһын уонна геологиятын миниистирэ Максим Терещенко бэлиэтээтэ.
Ону таһынан, Үлэ министиэристибэтэ эмиэ олохтоохторго гаастааһыҥҥа диэн 100 тыһыынча солкуобай көмө харчы биэрэр. Ол гынан баран, урут даҕаны, билигин даҕаны, оборудование сыаната үрдүү турар. Итинэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан, көмө харчы сууматын 150 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыннарыы былааннанар.
Санатан эттэххэ, регион олохтоохторо олорор дьиэлэрин босхо гаастааһыҥҥа сайаапканы биэриэхтэрин сөп. Итини «Сахатранснефтегаз» регионнааҕы оператор сайтыгар хаалларан кэбиһиэххэ сөп. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үбүлүөйдээх 100 сылын көрсө, 2 000- тэн тахса дьиэлээх сирдэри гаастааһын былааннанар.