30 От ыйа 30.07
  • 26°
  • $ 79,36
  • 90,21

Билигин хомуйуллубут хаптаҕас отонун буһаран эрэ баран сиэниллэр

10:31, 14 марта 2024
Хаартыска: СИА
Читайте нас на

Тоһуттар тымныылаах кыһыны туораан, сааскы күн чаҕылхай уотугар кылабачыйа оонньуу турар кып-кыһыл хаптаҕас отонун сиэххэ сөп дуо?

Доруобай ас пропагандиһа, учуонай Константин Максимович Степанов сүбэтин ааҕыҥ:

— Хаптаҕас хомуллуохтаах кэмигэр хомуйуллар, күһүн, ситэн-хотон силигилээн турдаҕына. Ол кэннэ сэппэрээгэр хаалбыт эбэтэр сиргэ таммалаабыт хаптаҕас син-биир бэйэтин иҥэмтиэтин кыралаан сүтэрбитинэн барар.

Ити эрээри битэмиинэ барыта сүтэн хаалбат, уопсайынан айылҕа биэрбитэ барыта туһалаах. Кэлии отоннордооҕор, утахтардааҕар бэйэ сиригэр-уотугар үүммүт туһата баһаам буолар, кыһыныттан, сайыныттан тутулуга суох.

Хаптаҕас уопсайынан тымныйыыга, температураны оннугар түһэрэргэ олус наадалаах.

Ити эрээри биири өйдүөххэ наада — билигин хомуйуллубут хаптаҕас отонун буһаран эрэ баран сиэниллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА