15 Тохсунньу 15.01
  • -41°
  • $ 103,44
  • 106,25

Бэс ыйын 22 күнэ. Алтан Сарын, Ойуку, Тобуруокап - Бикипиэдьийэ

09:01, 22 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1931 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр саха суруйааччыта Алтан Сарын күн сириттэн күрэммитэ, оттон 1941 сыллаахха бу күн прозаик Ойуку төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха учуутал Бүөтүр Тобуруокап аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Бу дьон бэйэлэрин олорбут олохторунан, оҥорбут дьыалаларынан историяҕа хааллылар. Кинилэр ааттара көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ кэпсээн буолан бэриллэн иһиэҕэ.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1633 — Римҥэ инквизиция суутугар буруйдаммыт Галилео Галилей Сир Күн тула эргийэр диэн бэйэтин тылларыттан батыммыт.
  • 1812 — Француз императора Наполеон Бонапарт Арассыыйаҕа сэрии биллэрбит.
  • 1839 — Черокиларга элбэх алдьархайы аҕалбыт АХШ бырабыыталыстыбатын кытта омуктарын арҕаа көһөрөр, Саҥа Эхота сөбүлэҥэр илии баттаабыттарын иһин Майор Ридж, Джон Ридж уонна Элиас Будино диэн биис уустарын баһылыктарын черокилар бэйэлэрэ өлөрбүттэр. Бу көһөрүү кэлин Харах уулаах суол диэн ааттаммыта. «Харах уулаах суол» билиҥҥи тоҕус штаат сирдэринэн ааһар, устата 2200 миилэ (3500 км). Черокилары күүһүнэн көһөрүүгэ буруйу АХШ Кэнгириэһэ 1987 сыллаахха билиммитэ, АХШ Сената 2008 сыллаахха индеецтэртэн «АХШ салалтатын толкуйдамматах бэлиитикэтин» иһин бырастыы гыналларыгар көрдөспүтэ.
  • 1929 — Нагаево буухтатын кытылыгар Илиҥҥи Эбээн культбазатын олорор дьиэлэрин, оскуолатын, бэтэринээр пуунун, балыыһатын уонна интэринээтин тутуу саҕаламмыта. Кэлин бу культбаза Магадаан куорат буолбута.
  • 1941 — Фашистыы Германия Сэбиэскэй Сойууска сэриинэн саба түспүт.
  • 1941 — Львов аттынааҕы Скнилов байыаннай аэродромы сарсыарда 4 чааска буомбалааһыҥҥа связист Феодосий Донской түбэспитэ. 1945 сыллаахха Рейхстаг эркинигэр хаалларбыт суруга хаартыскаҕа баар. Кэлин социолог учуонай буолбута.
  • 1942 — бэйиэт, учуутал Бүөтүр Тобуруокап Туобуйаттан 42 киһини аармыйаҕа анаан хомуйан киирбит уонна ол дьонун кытта бэс ыйын 22 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
  • 1942 — олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов — Ноорой (08.05.1897—1975) 44 сааһыгар сэриигэ барбыт. Хаста да бааһыран тыыннаах төннүбүтэ.
  • 1943 — Николай Илларионов фронтан дьонугар суруйбут суругар сулууспалаабытым 1 сыл буолла диэбит. Бу Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээх киһи өссө 6 бииргэ төрөөбүтэ сэриигэ сылдьыбыта. Бэйэтэ төннүбэтэҕэ. Төрөппүттэрэ (уонна 11 бииргэ төрөөбүт оҕоттон кыралара буолуо) Чурапчы холкуостарын күүһүнэн хоту көһөрүллүүтүгэр түбэспиттэрэ.
  • 1960 — ССРС уонна Кытай официальнай сыһыаннарын быспыттар. Бу иннинэ ССРС хомуньуус баартыйатын баһылыга Никита Хрущёв Кытай хомуньуус баартыйатын баһылыган Мао Цзэдуну сталинист диэн ааттаабыта, ынарааҥҥыта Хрущебу ревизионист диэбитэ.
  • 1973 — ГДР уонна ФРГ Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрин чилиэннэрэ буолбуттар.
  • 2009 — Ингушетия бэрэсидьиэнин өлөрө сатаабыттар. Юнус-бек Евкуров бааһырбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1908 — норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, педагогика билимин хандьыдаата, доцент Панкратий Шадрин. (1986 өлб.)
  • 1933 — Прокопий Ефремов (20.01.1992 өлб.) — саха уос номоҕун чинчийээччитэ, дулгаан уос номохторун хомуйбут тарбахха баттанар дьонтон биирдэстэрэ.
  • 1941 — Павел Харитонов — Ойуку — бэйиэт, прозаик, литератураны ырытааччы.
  • 1952 — Саргылана Баишева — дьоҕус урбаан, бэйэни аһынан хааччыныы кыһалҕаларын, аҕыйах ахсааннаах омуктар экэниэмикэлэрин чинчийбит экономика билимин хандьыдаата, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
  • 1977 — Иван Белолюбскай — мадьыны, Дыгын оонньууларын 7 төгүллээх кыайыылааҕа, мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара.
  • 1987 — Ирина Платонова, дьахталларга 100 харахтаах дуобакка Россия (Уфа) уонна Европа студенкаларын (Польша) ортотугар чемпионка, дьахталларга Европа үрүҥ көмүс призера (Стокгольм), Голландияҕа ыытыллыбыт икки НИАТ кыайыылааҕа. 2003 сыллаахха дьахталларга Арассыыйа чемпиона.

Өлбүттэр

  • 1527 — Никколо Макиавелли (1469 төр.), Италия судаарыстыбатын дьайыксыта, куолуһут.
  • 1931 — Алтан Сарын — Гавриил Баишев — саха суруйааччыта, саха тылыгар уларытыылары киллэрэргэ элбэхтик үлэлээбит XX үйэ саҕаланыытыгар биллибит киһи. 1930 сыл муус устарыгар Тройка суутунан 3 сылга болдьохтоон күлүүс хаайыытыгар, ол кэнниттэн Саха Сириттэн төһө кыалларынан ыраах, үлэнэн көннөрүллэр лааҕырга барарга уураахтаммыта.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА