Балыкка көҥүлү электроннай көрүҥүнэн биэрэргэ этии киллэрбиттэрэ. Маннык сокуон барылын Госдума аграрнай боппуруостарга кэмитиэтин мунньаҕар ыам ыйын 18 күнүгэр көрөргө былаанныыллар, бу туһунан Парламентская газета суруйар.
Сокуон барылын 2021 сыл ахсынньы 8 күнүгэр бастакы ааҕыыга ылыммыттара.
Өскөтүн, сокуон ылылыннаҕына, 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн балыгы бултааһыҥҥа федеральнай агентство илии баттааһыннаах электроннай докумуон быһыытынан биэриэхтэрэ. Маннык докумуону «Госуслуги» портал нөҥүө оҥоруохха сөп.
Маннык анал көҥүлү бырамыысыланнай уонна биэрэк балыктааһынынан дьарыктанар хампаанньалар ылыахтаахтар, ону тэҥэ балыгы салгыы научнай өттүнэн чинчийэр сыаллаах буоллахатарына.
Маны таһынан, сокуон барыла балыксыттар үлэлэрин туһунан сонуну түргэнник тиэрдэ олороллорун туһугар цифровой сурунаал оҥоруохтара. Онно бэриллибит көҥүллэр тустарынан сонуну, ону тэҥэ булт туһунан отчуоттары хомуйуохтара.
Бу сокуоҥҥа көһүү 2023 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри буолара былааннанар, бу кэм устата электроннай да, кумааҕы көҥүллэри ылыахтарын уонна цифровой сурунаалы толорон саҕалыахтарын син.