Балаҕан ыйын 25 күнүгэр 1977 сыллаахха аатырбыт Чикаго марафона бастакытын ыытыллыбыт. Сүүрүүгэ 4200-тэн тахса киһи кыттыыны ылбыт. Оттон 2010 сыллаахха «Беркакит — Томмот — Дьокуускай» тимир суол Күөрдэм ыстаансыйатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга тимир суол «үрүҥ көмүс» тиһилигэ ууруллубут. Бу иннинэ муус устарга тимир суол тутуута Алдан уонна Хаҥалас улууһун кирбиилэрин ааспыта.
Бэлиэ күннэр
- Мозамбик — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Науру — Национальнай эдэр ыччат күнэ
- АХШ — Национальнай комикс күнэ
- АХШ — Национальнай билим администратордарын күнэ
Түбэлтэлэр
- 1396 — Никополь кыргыһыытыгар Осмаан императора Баязид I холбоһуктаах христианскай аармыйаны урусхаллаабыт.
- 1513 — Испания айанньыта Васко Нуньес де Бальбоа Панама билиитин туораан, Чуумпу далайы арыйбыт.
- 1632 — Сотник Петр Бекетов Өлүөнэ өрүһүн уҥа кытылыгар билиҥҥи Уус-Алдан сиригэр Дьокуускай остуруогун олохтообут. Куорат күнэ бу күҥҥэ буолбакка балаҕан ыйын иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр.
- 1818 — Англия бырааһа Джеймс Бландел (James Blundell) бастакытын киһиттэн киһиэхэ хааны көһөрөн кутуу операциятын оҥорбут.
- 1925 — Дьокуускайга 15 куойкалаах сэллик (туберкулез) диспансера Сэргэлээх даачаларыгар арендаламмыт чааһынай дьиэҕэ аһыллыбыт.
- 1926 — Дойдулар ардыларынааҕы кулуттарынан эргинии уонна кулуттааһын утары конвенцияҕа илии баттаммыт.
- 1943 — Төмтөөн оройуонун киинэ Нагорнайтан Чульман бөһүөлэгэр көһөрүллүбүт.
- 1964 — Мозамбик Португалия былааһыттан босхолонор сэриитэ саҕаламмыт. Сэрии 10 сылынан биирдэ Португалия диктатора Салазар өлбүтүн кэннэ түмүктэммитэ.
- 1969 — Ислам конференцията диэн тэрилтэ төрүттэммит. Билиҥҥи аата — Ислам бииргэ үлэлээһинин тэрилтэтэ, сүрүн сыала-соруга — мусульманнар сомоҕолоһуулара. Бу тэрилтэҕэ 57 судаарыстыба киирэр, Арассыыйа кэтээччи быһыытынан киирсэр.
- 1977 — Аатырбыт Чикаго марафона бастакытын ыытыллыбыт. Сүүрүүгэ 4200-тэн тахса киһи кыттыыны ылбыт.
- 2010 — «Беркакит-Томмот-Дьокуускай» тимир суол Күөрдэм ыстаансыйатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга тимир суол «үрүҥ көмүс» тиһилигэ ууруллубут. Бу иннинэ муус устарга тимир суол тутуута Алдан уонна Хаҥалас улууһун кирбиилэрин ааспыта.
Төрөөбүттэр
- 1881 — Лу Синь — литература сайдыытыгар уонна Кытай XX үйэ общественно-политическай олоҕугар улахан сабыдыалы оҥорбут Кытай суруйааччыта. Кытай аныгы литературатын олохтооччутунан ааҕаллар. Саамай биллэр айымньылара: «А-Кью туһунан дьиҥнээхтик», «Иирээки күннүгэ».
- 1906 — Михаил Догордуров — бэйиэт, сэһэнньит, драматург, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
- 1907 — Сергей Васильев — Борогонскай — бэйиэт, публицист уонна очеркист, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- 1908 — Иван Шаманов — сэрии иннинэ Саха сиригэр аэрофотосъемкаҕа үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944).
- 1968 — Оксана Абрамова — балет артыыһа, РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа.
- 1971 — Юрий Жегусов — социология билимин кандидата.
Хаартыскаҕа Чикаго марафона, 1984 сыл, интернеттэн.