20 Муус устар 20.04
  • 13°
  • $ 93,44
  • 99,58

Баатаҕайга уу таһыма критическэй бэлиэни куоһарда

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥы улууһун киинигэр уу таһыма критическэй бэлиэни куоһарда. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уу тахсыыта бэлиэтэммэт, диэн Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрэр.

Саха УГМС дааннайынан, олохтоох бириэмэнэн 12 чааска Баатаҕайга уу таһыма 973 см тиийдэ, икки чаас иһигэр уу 4 см үрдээтэ.

Бөһүөлэккэ бөҕөргөтөр үлэлэр ыытылыннылар. Аҕыйах хонуктааҕыта Дьааҥы өрүһүн кыйа барар суолу кутуу саҕаламмыта. 4150 м3 кумах гравий булкааһына тиэрдилиннэ. 1300 миэтэрэ усталаах кутууну оҥордулар. Үлэлэргэ 80 киһи, 6 анал тиэхиникэ тардылынна.

Уу киирдэҕинэ диэн, кумахтаах 1500 куул бэлэмнэннэ. Миэстэтигэр быыһааччылар бааллар. Үлэни Иннокентий Андросов иилээн-саҕалаан ыытар.

Санатан эттэххэ, от ыйын 13 күнүгэр Дьааҥы улууһун Верхоянскай куората, Баатаҕай, Адыаччы, Бабушкинскай, Боруулах, Дулҕалаах, Сартаан, Суордаах сирдэригэр ЧС режимин киллэрбиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА