Саха сиригэр Арктика улуустарыгар субсидиялаах көтүүлэр 2023 сылга салҕанан барыахтара. Ол туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ этиитигэр иһитиннэрдэ.
Ил Дархан эппитинэн, 2022 сылга олохтоох хайысхаларга авиацияҕа субсидия бырагырааматын үбүлээһин 10 төгүл улаатыннарыллыбыт, бу таһымы кэлэр сылга эмиэ тутары эттэ. Авиабилиэт сыаната ортотунан 60% түстэ, чэпчэтиинэн 34,5 тыһ киһи туһанна.
«Ааспыт сыллааҕы анал этиибэр чэпчэтиилээх авиакөтүүлэри тупсарыыга төрдүттэн уларытыылары киллэрэр туһунан эппитим. Дьокуускай уонна Арктика улуустарын ардыларыгар көтүүгэ үбүлээһин 600 мөл солк диэри тириэрдилиннэ.
Хоту сир олохтоохторо хааччаҕа суох сылы эргиччи чэпчэтиилээх билиэттэринэн көтөр кыахтаммыттара. Бырабыыталыстыба бу таһымы хааллараргытыгар соруйабын», – диэтэ кини.
Маны сэргэ дойду атын регионнарыгар көтүүгэ хайысха ахсаана 4-тэн 18-ка диэри тириэрдилиннэ. Манна субсидия бырагыраамата эмиэ баар. «Якутия» авиахампаанньа Уһук Илиҥҥи маршруттарга 45% субсидиялааҕын оҥорор.