Дьокуускайга буолбут Хотугу форум кэмигэр Россия Арктикатыгар инновационнай технологияны киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Резолюция ылылынна, докумуону бырабыыталыстыба салгыы үлэлииригэр ыыттылар, суруйар СИА.
«Арктика: устойчивое развитие» VIII норуоттар ардыларынааҕы конференция толорооччу дириэктэрэ Тамара Мордасова эппитинэн, Саха сирин энергетическай бырайыактара региоҥҥа тулалыыр эйгэ хаачыстыбатын тупсарыыга ананаллар, социальнай газификация бырагыраамата үлэлиир.
Кини баһылык Айсен Николаев инники күөҥҥэ туттуллар технологиялары олоххо киллэриигэ көмөҕө этии киллэрбитин иһитиннэрдэ. Мунньах кэмигэр Арктикаҕа үлэлиир бырайыактар тула кэпсэтии барда. Матырыйааллар регион бырабыыталыстыбатыгар тириэрдилиннилэр.
«Светокультура» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Владислав Терехов цифровой технологиялар төрүттэригэр олоҕуран үрдүк сөп түбэһиилээх сири оҥоруу туһунан кэпсээтэ. Хампаанньа вертикальнай плантацияны туһанар, светодиоднай лаампалары туттан. Билигин кинилэр ырыынактара кэҥиир, атын регионнарга пилотнай бырайыактары оҥоруохтара.
Мунньахха «Славнефть-ЯНОС» лабораториятын начаалынньыга Дмитрий Борисанов саҥа олорон хаалбат дизельнай уматыгы Арктикаҕа туһанар туһунан этии киллэрдэ. Кини этэринэн, билиҥҥи дизельнай уматык намыһах температураҕа уһуннук харайыллыбат, онон двигатели тохтотуон сөп. Оттон тэрилтэ туруктаах уматыгы оҥорон таһаарда, 70 кыраадыс да тымныыга туох да буолбат.
«Славнефть-ЯНОС» бу дизельнай уматыгы киэҥник тарҕатар былааннааҕын эттэ.