«Самоизоляция» кэмигэр аһары аһааһын, онно эбии доруобуйаҕа буортулаах аһы элбэҕи сиэһин, биллэн турар, уойууга тириэрдэр. Ас уонна биотехнология ФИЦ уонна РНА доруобай аһылыкка сүбэлэри биэрдэ.
Саахар, бурдук аһа, гаастаах утахтар, халбаһыы, сыалаах сыыр уонна эт, фаст-фуд, чипсы уонна майонез курдуктартан туттунаргытыгар сүбэлииллэр.
Килиэп, курууппа, үүт ас, сыата суох эт, көтөр, балык, сибиэһэй фрукта, оҕуруот аһа, үүнээйи арыыта, сымыыт сиир уонна икки лиитэрэ уу иһэр доруобуйаҕа туһалаах дииллэр.
Маны сэргэ битэмиин-минерал комплексын иһэр ордугун этэллэр.
Сарсыардааҥы ас белоктан, бытааннык иҥэр углеводтан уонна туһалаах сыаттан туруохтаах. Эбиэккэ миин көрүҥэ, көтөр уонна балык этэ, гарнирга оҕуруот аһа, туһалаах углевод (гречка, дьиикэй рис) барсар. Киэһээҥи ас белоктааҕа ордук. Утуйуох иннинэ кефир дуу йогурт дуу иһэр туһалаах.