22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

3-7 диэри саастаах оҕолор төлөбүрдэригэр Мишустин эбии 6 млрд солкуобайы көрдө

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа премьер-министирэ Михаил Мишустин 3-7 диэри саастаах оҕолор төлөбүрдэригэр регионнарга 6 млрд солк. тахса үбү көрөргө илии баттаата. Көмө төлөбүрү намыһах дохуоттаах ыалларга биэриэхтэрэ. Бу туһунан РФ министиэристибэтин кабинетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Мишустин бу сыалга көрүллэр үбүлээһин туһунан ахсынньы 2 күнүгэр бырабыыталыстыба мунньаҕар эппитэ. Кини кырачаан оҕолордоох харчыга кыһалҕалаах ыалга маннык өйөбүл олус наадалааҕын бэлиэтээбитэ. Урут бу сыалга 305 млрд солк. кэриҥэ көрүллүбүтэ.

3-тэн 7-гэр диэри саастаах оҕолорго көмө төлөбүрдэр РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан олоххо киирбиттэрин санаттылар. Бу төлөбүрдэри намыһах дохуоттаах ыаллар ылаллар. Онтон дойду баһылыга маннык өйөбүлү ордук туһааннаах оҥорорго сорудахтаабыта. Итинэн сибээстээн 2021 сылга төлөбүрү биэрии быраабылалара тупсарылыннылар. Дьиэ кэргэн балаһыанньатыттан көрөн, билигин төлөбүр суумата региоҥҥа ылыныллыбыт оҕо айаҕын ииттинэр алын кээмэйиттэн 50% эрэ буолбакка, 75% уонна 100% буолуон сөп.

Төлөбүрү госуслуги сайтыгар электроннай сайабылыанньа биэрэн, МФЦ-га эбэтэр социальнай көмүскэл уорганнарыгар бара сылдьани оҥотторуохха сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА