Быйыл, 2020 сылга, Уһук Илиҥҥэ ойууру үллэрии уонна мас атыытын сөбүлэһиитин түһэрсии бэрээдэгэ олохтонуоҕа. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.
«Быйыл Уһук Илиҥҥи уокурукка ойууру үллэрии уонна мас атыытын сөбүлэһиитин түһэрсии бэрээдэгин үлэҕэ киллэрии былааннанар. Сокуон барыла Госдумаҕа киллэрииигэ бэлэмнэнэр», — диэн Россия Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Александр Козлов бэлиэтээтэ.
Инники дойду бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ойуур баайын кэтээһин анал цифровой платформа нөҥүө оҥоһуллар буоларын туһунан иһитиннэрбитэ. Ойуур хаһаайыстыбатын үлэтин дьэҥкир оҥорор сыаллаах сири үллэрии электроннай аукцион, оттон мас атыыта-эргиэнэ электроннай биржа нөҥүө оҥоһуллуоҕа. Ону тэҥэ хас биирдии маһы маркировкалааһын мас эргиирин барытын кэтээн көрөргө көмө буолуоҕа.
Лесвосток.рф — саҥа сайт Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа көрдөрүллүөҕэ. Сайт нөҥүө табыгастаах сири талан ылан, сир докумуонун тута оннугар көмпүүтэринэн оҥотторуохха сөп буолуо.
Федеральнай сокуон барылын Уһук Илини сайыннарыы пуондата бэлэмниир, диэн суруйар НВК «Саха».