22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

2 %-наах ипотеканы 1555 дьиэ кэргэн ылла

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук Илиҥҥэ 2%-наах ипотеканы 1555 ыал ылла. Бу туһунан Арктика уонна Илини сайыннарыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


ДОМ.РФ дааннайынан, олунньу 5 күнүнээҕи туругунан, бааннарга уопсайа 2,3 тыһыынча сайаапка киирбит. 2,1 миллиардтан тахса суумаҕа сайаапкалары бигэргэппит. Биир кирэдьиит ортотунан 3,4 мөлүйүөн солкуобай буолбут. Регионнарынан тэҥнээн көрдөххө, маннык: Приморскай кыраай (1162 сайаапка), Саха сирэ (347), Хабаровскай кыраай (328), Бурятия (235), Амур уобалаһа (76).

Сайаапканы түргэнник көрөллөр, үчүгэй кредитнэй историялаах, сөпкө толоруллубут докумуоннаах дьоҥҥо дэҥҥэ акаастыыллар.

Санатан эттэххэ, «Уһук Илин ипотеката» бырагырааманы бэрэсидьиэн Владимир Путин 2019 сыллаахха көҕүлээн киллэрбитэ, диэн суруйар НВК «Саха».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА