Харанай дьайынан киллэриллибити хааччахтыыр дьаһаллар арыый сымнатыллыахтарыттан, «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан сир учаастагар наадыйыы улаатта. edersaas.ru суруйар.
– Кулун тутар, муус устар ыйдарга бэйэни изоляцияланыы эрэһиимэ киллэриллэн, сир учаастактарын миэстэҕэ тиийэн көрөр кыах суох буолан, элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр сабылланнар, Росреестр барыллаан суруйуунан эрэ үлэлээн, дьон сайабылыанньа биэриитэ биллэрдик аҕыйаабыта, – диэн ТАСС-ка биэрбит интервьютугар Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарыыга ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Сергей Ховрат эппит. – Ол эрээри, хааччахтыыр дьаһаллар арыый сымнатыллыахтарыттан сир учаастагар наадыйыы улаатта, күҥҥэ ортотунан 1 000 кэриҥэ сайабылыанньа киирэн, быһаарыллар.
Санатан эттэххэ, «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама 2016 сыллаахтан үлэлиир. Дьон сир учаастагын үлэни-хамнаһы тэринэргэ, дьиэ-уот, даача туттарга, оҕуруот аһын олордорго итиэннэ туристическай, рекрационнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ анаан ылаллар. Ону таһынан, аныгы ирдэбилинэн толору хааччыллыылаах дьиэлэрдээх кыбаарталлары (түөлбэлэри) тутууга наадыйыы улахан буолан, бырагыраама чэрчитинэн, Уһук Илиҥҥэ 108 саҥа нэһилиэнньэлээх пуун тутуллуохтаах.