22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хабырыыл Торотуойап

14:25, 16 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Социальнай ситимнэр күннээҕи олохпутугар киириэхтэриттэн, биһиги саҥарар сахабыт тыла күннэтэ кэхтэн, сыыйа сүтэр кутталламмытын туһунан дьон кэпсэтэрин үгүстүк истэр буоллум. Буолумуна, бассаапка «боло», «учей», «бта» диэн суруйа сылдьан төрөөбүт тылбытын умнар, омук быһыытынан бодобутун сүтэрэр суолга үктэнэбит. Аҕыйах хонуктааҕыта М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, дассыан Гаврил Григорьевич Торотоевы кытары кэпсэттим. Ол кэннэ, тутатына, суотабай төлөпүөммэр сахалыы клавиатураны туруордум. Гаврил Григорьевичтыын нууччаттан киирбит тыллары сахатытыы, социальнай ситимнэр тустарынан кэпсэттибит.


– Гаврил Григорьевич, эн тылбытын сахатытар суолу тутуһан үлэлээн кэллиҥ. Саҥараргар биир даҕаны нууччалыы тылы кыбыппаккын, уу сахалыы кэпсэтэҕин. Нууччаттан киирбит тыллары хайдах туттаҕын?

– Сахатыта сатыыбын. Устудьуоннуу сылдьан, нууччаттан киирбит тыллары тоҕо сахатыта сатыылларын ситэ өйдөөбөт этим. Холобур, «устудьуон» диэннээҕэр «студент», «өрөспүүбүлүкэтээҕэр» «республика» диэн быдан үчүгэйдик иһиллэр курдуга. Улаханнык убаастыыр уһуйааччыларым Дапсы, Хомус Уйбаан, Тамара Петрова уонна да атыттар нууччалыы дорҕоон хайаан даҕаны сахатыйыахтаах диэн кэпсииллэрэ. Сыыйа ити боппуруоһу бэйэм интэриэһиргээн, Өксөкүлээх Өлөксөй, Ойуунускай айымньыларын, үлэлэрин хасыһан үөрэппитим. Онтум былыр-былыргыттан сахалар киирии тыллары сахатытан кэлбиттэр эбит. Холобур, Өксөкүлээх Өлөксөй 2,5 тыһыынча кэриҥэ нууччаттан киирбит тыллары испииһэктээбитэ баар. Кини сахатытыы быраабылатын билэр буолан, “хайа баҕарар омук тылын сахатытыахпын сөп” диэн суруйар. Сахатытыыны Ойуунускай эмиэ тутуһар эбит, 13 тыһыынчаттан тахса тиэрминнээх тылдьытыгар «үнүстүтүүт», «дассыан», «сүбэрэньитиэт» диэн тыллар киирэ сылдьаллар.
1939 сыллаахха нуучча тылын сахатытан суруйууну бобон кэбиспиттэрэ. Оччолорго хомуньуус баартыйата биир тыллаах буолуу бэлиитикэтин ыытара. Онон нуучча суругун-бичигин — кирииллиссэни, алпаабыппытыгар 13 нууччалыы буукубаны соҥноон туран киллэрбиттэрэ. Инньэ гынан ити барыта бэлиитикэни кытары сибээстээх. Ити кэмтэн ыла нууччаттан киирэр тыллары уларыппат, сахатыппат буолбуппут. Бу иннинэ «хомуньуус», «баартыйа», «бассабыык» диэн саҥара, суруйа сылдьыбыт тылларбыт «коммунист», «партия», «большевик», оннооҕор Дьокуускай “Якутскайга” кубулуйаллар. Онон, мин көрдөхпүнэ, тылга бэлиитикэ орооһор эбит.
Дойдуга олох укулаата уларыйан, 90-с сылларга көҥүл бэриллэн, тылбытыгар болҕомто күүһүрэн барар. Куораппыт аата «Дьокуускай» диэн буоларыгар эмиэ мөккүөр баара. Сорох дьон сөбүлээбэт этэ. Ол эрээри, билигин «дьоллоох Дьокуускай» диэнтэн ким да соһуйбат. Буолуохтааҕын курдук ылыналлар.

– Испэсэлиис, бакылтыат, билэлиэгийэ… Дьэ, киһи тыла сатаан өҕүллүбэт тыллара.

– Итини биһиги маннык быһаарабыт. Саҥарар үөрүйэх диэн баар. Омук-омук киһитэ саҥарарыгар уоһа, тыла уратытык хамсыыр. Холобур, ити тыллары нууччалыы билбэт кырдьаҕас оҕонньорго этиттэрдэххэ, сахатытан саҥарыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, кини саҥарар үөрүйэҕэ да, өйө-санаата да сахалыы. Оттон тыл өйү-санааны кытта быһаччы ситимнээх. Оттон эдэр көлүөнэ икки тылынан саҥарар буолан, нууччалыы тылы-өһү элбэхтик истэр буолан, нууччалыытын ордорор.

– Дьиҥэр, сорох тыллары, холобур, «система», «база» диэни таах тылбаастыахха сөп дии. Ону тоҕо биһиги тутуспаппыт?

– Ити сөптөөх этии. Алтан Сарын биһиги тылбыт баайын туһаныахтаахпытын, умнуллубут тыллары сөргүтүөхтээхпитин этэр. Ол кыаллыбат түгэнигэр эрэ биһиги тыллары сахатытыахтаахпыт, холобур: вертолету – бөртөлүөт диэн. Билигин саха тылыгар элбэх тиэрмин киирэр. Онуоха тутатына солбук булар, олору тылбаастыыр олус ыарахан. Тылы элбэхтик имитиэххэ-хомутуохха наада.

– Билигин саҥа технологиялар үйэлэрэ кэлэн, саҥа өрүттэн эрэр тылбытын-өспүтүн аны социальнай ситимнэр, ордук бассаап буортулаан эрэр дии санаабаккын дуо? Ыччаттар эрэ буолбакка, оннооҕор саастаах да дьон «боло», «бо», «бта» диэн суруйаллар.

Барыта кыраттан саҕаланар. Хас биирдии киһи бэйэтиттэн саҕалыахтаах. Оҕолор дьиэлэригэр-уоттарыгар дьоннорун кытта төрөөбүт тылларынан кэпсэтиэхтээхтэр. Бассааптарыгар бичиктэрэ суох дьон, баһаалыста, туруортардыннар. Сорох дьон бэйэ икки ардыгар кэпсэтии хайдах да буоллун дииллэр. Ити — сыыһа. Мин кимиэхэ эмэ суруйар буоллахпына, хайаан даҕаны тылбын толору суруйабын. Сыыһа суруйуохпун, тылы алдьатыахпын санаам буолбат.

– Гаврил Григорьевич, оттон оҕолоруҥ сахалыы саҥараллар дуу? Хас да учуонайы “оттон бэйэтин оҕото сахалыы билбэт…” диэн хомуруйалларын истэбин.

– Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр. Улахан кыыһым 17-с нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбитэ. Билигин үнүбэрситиэккэ иккис кууруска үөрэнэр. Тыл үөрэхтээҕэ буолар баҕа санаалаах. Кыра кыыһым 9-с кылааска үөрэнэ сылдьар. Саха кылааһыгар. Оҕону иитии төрөппүттэн тутулуктаах. Төрөппүт оҕоҕо холобур буолуохтаах, кинини кытта сахалыы ирэ-хоро кэпсэтиэхтээх, төһө кыалларынан сахалыы иитэ-үөрэтэ сатыахтаах. Оҕолорум биһигини кыра эрдэхтэриттэн “ийээ, аҕаа” диэн ыҥыраллар.

— Дапсыга үөрэммитим диэбитиҥ дии. Мин билэрбинэн, кини оҕолоро сахалыы билбэттэр этэ дии. Эн ону туох дии саныыгын?

Ол туһунан хаһыакка ааҕан турабын. Сорох суруйааччыларбыт оҕолоро сахалыы билбэттэр. Саха тылын сүмэтин-сүөгэйин илдьэ сылдьар дьон оҕолоругар саха тылын тоҕо кыайан иҥэрбэтэхтэрин дьиктиргии да, соһуйа да саныырым. Арааһа, оччотооҕу кэм охсуута буолуо. Нууччалыы дьыссаакка сылдьар оҕо, биллэн турар, нууччалыы тылланар. Манна өссө ийэ оруола улахан дии саныыбын. Аҕалара наар үлэлиир, оҕолоругар ыалдьыт курдук биирдэ эмэ көстөн ааһар. Оҕону, сүнньүнэн, ийэтэ иитэр. Онон оҕолор ийэлэрин өттүнэн баран хаалбыт буолуохтарын сөп.

— Уһуйааны дьыссаат диир эбиккин дии…

– Билигин дьыссаат, оҕо саада, уһуйаан дииллэр. Саамай үчүгэйэ уһуйаан. Дьыссаат ситэ сахатытыллыбатах тыл. Оҕо саада – туруору тылбаас.

Сэмсэ тыл:
Гаврил Филиппов, филологическай наука доктора:
– Гаврил Торотоевы үрдүк бэлэмнээх исписэлиис быһыытынан ааҕабын. Сүнньүнэн тыл култууратынан, стилистиканан дьарыктанар. Университекка кэлиэн иннинэ училищеҕа үөрэнэн, үөрэтии методикатын толору баһылаабыта. Университеты туйгуннук бүтэрэн, салгыы аспирантураҕа хаалан науканан дьарыктаммыта.

Олоҕун оҥкуллара:

1972 сыллаахха Бүлүү Дьөккөнүгэр төрөөбүтэ.
1989 сыллаахха «Орто Бүлүү» сопхуоска оробуочайдаабыт.
1990 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы барбыт.
1993 сыллаахха Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка үөрэнэ киирбит.
1996 сыллаахха СГУ саха билэлиэгийэтин уонна култууратын бакылтыатын устудьуона.
1999 сылтан ХИФУ-га үлэлиир.
2015 сылтан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын Үнүстүтүүтүн дириэктэрэ, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, дассыан.

«Саха сирэ» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА