30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Туймаада ыһыаҕар бастыҥ кыынньар кымыстаахтарга харчынан бириэмийэ туттардылар

Фото: Андрей Сорокин, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Туймаада ыһыаҕар 15 олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччы «Айыы аһа» кымыс VI бэстибээл-куонкурсугар кытынна. Сүрүн бириис — 300 тыһ солк.

Ил Дархан Айсен Николаев бочуоттаах ыалдьытынан буолла. Кини утаҕы амсайда.

Куонкуруска Хаҥалас, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Нам, Амма, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Горнай, Уус Алдан оройуоннарыттан уонна Дьокуускай куораттан кытыннылар. Сорохтор маннык курдук дьаһалга хаһыс да сырыылара.

«Биһиги иккис сылбытын кыттабыт, бэйэбит оҥорор кымыспытын көрдөрөбүт. Оскуола үлэһиттэрэ оҥороллор. Үөрэх управлениета анал тэрил биэрбитэ, кымыс оҥорорбутугар. Элбэх бириэмэни ылар. Бүгүн биһиги 30 л кымыс туруордубут», – диэтэ СИА-ҕа Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах оскуолатын дириэктэрэ Степан Жендринскай.

Сүрүн бириис – 300 тыһ солк, ИП М.П. Лиханов, Хаҥалас улууһа, Өктөм, Улахан алаас, иккис миэстэҕэ – 250 тыһ солк, «Бөртө» сылгы собуота, Хаҥалас улууһа, Улахан Аан, үһүскэ – 200 тыһ солк, ИП В.И. Федоров, Горнай улууһа, Атамай нэһилиэгэ.

Дьүүллүүр сүбэ утах оҥоруутун технологиятын, быыстапканы киэргэтиини, кыттааччылар национальнай таҥастарын көрдө.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА