Өрөспүүбүлүкэ физкультураҕа уонна маассабай спортка управлениетын «Тренируйся дома со всей семьей» куонкурсугар 15 дьиэ кэргэн араас улуустан кыттыыны ылла. Куоластааһын түмүгүнэн, кыайыылааҕынан Дьокуускай куорат ыала таҕыста, СИА иһитиннэрэр.
Управление бирииһэ — «Oxygen hyperpress board», мини-тренажер, мини-велотренажер. Быраабыла быһыытынан, дьиэ кэргэнинэн физкультуралыы сылдьары видеоҕа түһэрэн ыытыллыахтаах. Инстаграм туһанааччылара куоластыахтаахтар.
Кыайыылааҕынан Вера Контоева сиэн кыысчаана Александра Кардашевскаялыын буоллулар, иккис сунтаардар — Евгения уонна Михаил Слюсарь оҕолорун кытта, үһүс — Александр Грудинин дьиэ кэргэнэ Ленскэйтэн. Анал бирииһи Мэҥэ Хаҥаластааҕы реабилитационнай киин ииттиллэччилэрэ.
Куонкурус Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаммыта.