22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Таастаахха быйыл саха боруодата 60-ча ньирэй төрүөхтээх

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам улууһун Таастааҕар 150 төбөҕө анаммыт улахан хотон, былырыын сэтинньи 6 күнүгэр аһыллыбыта. Эбийиэк уопсай суумата 50-тан тахса мөл солк. Саха сүөһүтүгэр анаммыт саҥа комплекс – өрөспүүбүлүкэҕэ иккис тутуу. Эбийиэк аныгылыы сэндвич-панелынан тутуллубута, автомат, толору хааччыллыылаах, ТСН-наах.  Үлэһиттэр сынньанар, таҥас уларыттар анал хостордоох, хочуолунайдаах, уота-күөһэ аныгылыы ситиминэн тардыллыбыт. Санаттахха, хотон тутуутун туруорсуута 2007 сылтан саҕаламмыта, суруйар https://www.instagram.com/gazeta_enseli/


Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэ  Таастаах отделениетын салайаачыта Ефим Гоголевы кытта  сибээскэ тахсан, үлэ-хамнас хайдах салаллан барарын ыйыталастыбыт.

Ефим Ефимович иһитиннэрбитинэн, тэрилтэ 8 штаттаах, 12 үлэһиттээх: биригэдьиир — Ольга Аргунова, үс ыанньыксыт, үс хачыгаар, биир тракторист-инженер, үс сүөһү көрөөччү. Хачыгаардар кыһыҥҥы кэмҥэ үлэлииллэр. Олохтоох дьон үлэлиир. Нэһилиэк дьаһалтата өйөөн, көмөлөһөн, былааннаахтык тэриммиттэр.

Ааспыт сылларга Таастаах отделениета 500-тэн тахса төбөнү Саха сирин араас улуустарынан тарҕатта. Билигин 155 төбө саха сүөһүлээхтэр. Бүгүҥҥү туругунан, 35 ньирэй төрөөтө, 190-ча төбө  сүөһүлэннилэр.  Былаан быһыытынан, уопсайа 60-ча ньирэй төрүөхтээх, ол аата, быйыл 220-чэ төбөлөнүөхтээхтэр. 68 төбө ыанар ынахтаахтар. Ил Дархан дьаһалын толорон, 2022 сылга саха ынаҕын ахсаанын 3 тыһ. төбөҕө, ыанньык ахсаанын 1 тыһ. тиэрдэр сорук турар.

«Бу сорудах туолар кыахтаах дии саныыбын. Аҕыс оҕустаахпыт. Саха ынаҕын генофонун ыраас хааллараары, искусственнай сиэмэлээһини туһаммаппыт. Ынахтарбыт төрүөхтэрэ үчүгэй. Үүттэрин сыата – 5%. Сылга  биир ынах, ортотунан, 800 кг үүтү биэрэр. Биир ынах, барыллаан ылыынан, 1,8-2 туонна отунан кыстыыр. Кыстыыр оппутун Үөдэйтэн, Модуттан, Көбөкөнтөн, олохтоохтортон атыылаһабыт. Уотурбанан хааччыллыылаахпыт. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун кытта бииргэ үлэлиибит. Ынах сүөһүбүт ахсаана өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3 тыһыынчаҕа тиийдэҕинэ, орто статустаах тэрилтэ аатын ылыахтаахпыт. 10 тыһыынча төбөҕө тиийдэҕинэ эрэ, племенной, селекционнай үлэ барыахтаах”, — диэн хаһаайын кэпсээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА