28 Муус устар 28.04
  • -4°
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл үрдүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго бэрилллэр «дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы 150 тыһыынчаттан 300 тыһыынчаҕа диэри икки бүк улаатыннарыахтара. Аны эһиилгиттэн эдэр ыалларга материальнай көмө оҥоһуллуоҕа, диэн «Прямой разговор» биэриигэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ 5 сыл иһигэр оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 7 төгүл улаатта — 3,5 млрд солкуобайтан 26,5 млрд. солк. диэри. Эһиилгиттэн 25 саастарыгар диэри ыал буолбут эдэр дьоҥҥо материальнай көмө оҥоһуллуоҕа. Үһүс уонна кэнэҕэски оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытааллара икки төгүл улаатыаҕа — 150 тыһыынчаттан 300 тыһыынча солкуобайга диэри», — диэтэ Айсен Николаев.

Санатан эттэххэ, Саха сирин баһылыга өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэни өйөөһүн саҥа дьаһалларын «Семья года» бэстибээл кэмигэр иһитиннэрбитэ. Онно региоҥҥа 30-34 уонна 35-39 саастаах дьахталлар быыстарыгар үһүс уонна онтон кэлэр оҕолору төрөөһүн ахсаана элбээбитин бэлиэтээбиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА