Орто Халыма улууһун сылын аайы уу ылар Березовка нэһилиэгин атын сиргэ көһөрөр туһунан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата биэс сыллаах дьаһал ылыммыта. Ол чэрчитинэн 2018 сыллаахха саҥа дизельнэй уот ыстаансыйата, дизель уматыгын харайар ыскылаат тутуллубуттара, 400 миэтэрэ уот линиятын тардыбыттара. Былаан быһыытынан бастаан утаа суолу тутуу, ититии, уу ситимнэрин, хочуолунайы тутуу, оҕо саадын, дьаһалта дьиэтин, 38 олорор дьиэни тутуу былааннамыта. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2019 сыллаахха саҥа нэһилиэккэ дьиэлэри тутуу саҕаламмыта. «Бэксэк», «Эркин плюс» ХЭТ-тэр 15 иккилии кыбартыыралаах дьиэлэри тутууга сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. Тутуу сезонун бүтүүтэ нэһилиэккэ икки уулуссалаах дьиэлэр дьэндэйбиттэрэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ дьиэлэр киин ититэр систиэмэтигэр холбонон, сылыйбыттара.
Дьиэлэри тутууну сэргэ эргэ Березовканы саҥа бөһүөлэги кытары холбуур суол тутуута саҕаламмыта, кыстык суолу кытары холбооһун, нэһилиэк иһинээҕи суоллары кутуу барбыта.
2019 сыл бүтүүтэ 30 ыал малааһыннаабыта, бу нэһилиэк аҥарын кэриэтэ. Березовкаҕа барыта 248 киһи олорор.
Быйыд балаҕан ыйын 1 күнүн көрсө 20 эбии дьиэ тутулунна, ФАП дьиэтин тутуута түмүктэнэн эрэр.
Сотору кэминэн 10 дьиэ кэргэн саҥа дьиэҕэ киириэхтэрэ. Биэс икки кыбартыыралаах олорор дьиэлэр ааспыт нэдиэлэҕэ олорорго көҥүл ылтара.
2021-2022 сылларга саҥа Березовкаҕа эбии 18 дьиэ, 35 миэстэлээх оҕо саада, дьаһалта дьиэтэ тутуллуохтара.
«Саҥа бөһүөлэги үһүс сылын боростуойа суох усулуобуйаҕа тута сылдьабыт. Березовка ойуччу турар, суола-ииһэ мөлтөх, тыйыс айылҕалаах, гидрогеологическай усулуобуйалаах нэһилиэк. Былырыын аҥардас кыһыҥҥы суолунан манна 30 туонна таһаҕаһы тиэрдибиппит. Саҥа Березовка нэһилиэгин тутуу тутааччылар, суол үлэһиттэрин, сылааһы таҥааччылар профессиональнай таһымнарын бигэргэтиэ«, — диир бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын э.т. Кирилл Бычков.