Миэстэтигэр от былаана туоларын уонна кэлин атын эрэгийиэннэртэн от аҕалар буоллахха ороскуоту кыччатар туһугар, мөлтөх суоллаах-иистээх, ыраах сытар учаастактарга оттуу барар мобильнай биригээдэлэргэ күүстээх болҕомто ууруллуо. Ол туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев от ыйын 13 күнүгэр сүөһү аһын бэлэмигэр анаммыт мунньаҕар эттэ диэн СИА иһитиннэрэр.
“Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ от үүнүүтэ куһаҕана суох. Миэстэтигэр төһө кыалларынан элбэх оту оттуур туһугар, мобильнай биригээдэлэри күүскэ өйүөххэ наада”, – диэн Айсен Сергеевич улуус баһылыктарыгар уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салалтатыгар мас-таас курдук эттэ.
Мунньахха СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрбитинэн, быйыл Саха сиригэр барыта 459 307 туонна от оттонуохтаах. Ол былырыыҥҥы былаантан 15 бырыһыанынан элбэх. Онтон 23 885 туонната – сиилэс, 12 876 туонната – сенаж.
Бүгүҥҥү туругунан, ардах-хаар түһэн, тыа уута киирэн, Аллайыахаҕа, Эбээн Бытантайга, Кэбээйигэ, Үөһээ Дьааҥыга, Өймөкөөҥҥө, Горнайга уонна Бүлүүгэ үгүс ходуһа ууга барда, уустук соҕус балаһыанньа үөскээн турар.
Аны туран, киин улуустарга, илин эҥээргэ уонна Бүлүү сүнньүгэр – барыта 13 улууска – аһыҥа турда (3 608 гаа иэннээх сиргэ).
Быйыл отчуттар үлэҕэ от ыйын 3 күнүттэн саҕалаан киирбиттэрэ. От ыйын 12 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 849 гаа иэннээх сир охсулунна, 6 204 туонна от кэбиһилиннэ. Барыта 2 508 звено үлэлии сылдьар.
Сүөһү дороххой аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ Нам улууһа бастаан иһэр – 1 139,5 туонна от бэлэмнэммит. Ол кэннэ Чурапчы – 846 туонна. Амма – 833 туонна, Мэҥэ Хаҥалас – 735 туонна, Хаҥалас – 582 туонна.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй