Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрбитинэн, дойду бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ киин куоратыттан көтөр аалынан субсидиялаах билиэтинэн айан боппуруоһун көрөр, суруйар СИА.
«Көтөр аалга билиэккэ эбии субсидияны хас да улахан куорат, ол иһигэр Дьокуускай, ылбатаҕын мин сөбө суох диэн сыаналыыбын. РФ тырааныспарга министиэристибэтин өттүттэн улахан алҕас таһаарылынна. Билигин регионнар баһылыктарын, ол иһигэр мин эмиэ, туруорсуубутунан бу боппуруоһу көрүү сытыырхайда. Министиэристибэ барытын быһаарсарыгар уонна сөптөөх быһаарыы ылылларыгар эрэнэбит», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини бэлиэтээбитинэн, Саха сирин бырабыыталыстыбата бу боппуруоска эмиэ көхтөөх үлэни ыытар.