Дойду президиэнэ Владимир Путин РФ федеральнай мунньаҕар этиитин кэмигэр саҥа «Ыал» национальнай бырайыак саҕаламмытын иһитиннэрдэ.
«Ыал сүрүн анала — оҕону төрөтүү уонна иитии, ол аата элбэх нациялаах норуот салгыы сайдыыта. Элбэх оҕолоох ыал нуорма, уопсастыба олоҕун философията буолуохтаах», — диэтэ президент.
Судаарыстыба баһылыга өйөбүл саҥа миэрэлэрин иһитиннэрдэ. Ол курдук, оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ Россия орто көрдөрүүтүттэн намыһах регионнара көмө ылыахтара — 75 млрд солк кырата суох.
Дьиэ кэргэн ипотекатын бырагыраамата 2030 сылга диэри уһатылынна. Нолуок «вычета» иккис оҕоҕо икки төгүл улаатыаҕа, үһүс итиэннэ онтон кэлэр оҕолорго эмиэ. Ийэ хапытаалын бырагыраамата кырата 2030 сылга диэри уһуоҕа.
Маны сэргэ Путин ийэ буолууну харыстыырга, төрүүр дьахтар доруобуйатын чөл хаалларарга саҥа бырагырааманы олохтуур туһунан этии оҥордо.