22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурбатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын дьиэлэрин өрөмүөнэ түмүктэнэн эрэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурбатааҕы инбэлииттэр уопсастыбалара былырыын ”дьиэбит өрөмүөҥҥэ наадыйар” диэн көрдөһүүлээх улуус баһылыгар этии киллэрбиттэрэ. Билигин сарайа уларыйда, муостата, истиэнэтэ ситэриллэр.


Улуустааҕы баайга-дуолга сыһыаннаһыыларга уонна муниципальнай атыылаһыыларга кэмитиэт (КИО) үлэһиттэрэ “Үтүө дьыала” чэрчитинэн Ньурбатааҕы инбэлииттэр дьиэлэрин ис өттүн өрөмүөннүү сылдьаллар.

Инбэлииттэр уопсастыбалара былырыын дьиэлэрэ өрөмүөҥҥэ наадыйарын туһунан улуус баһылыгар эппиттэрэ. Кинилэр судаарыстыбаннай тэрилтэ буолалларын быһыытынан үбүлээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэттэн кэлэр. Капитальнай өрөмүөн былааҥҥа киирбэккэ, үбүлээһин, биллэрин курдук, көрүллүбэтэх.

Бу түгэҥҥэ улуус дьаһалтата КИО үлэһиттэрин көрдөһөн, былырыын сарайын бүтүннүү уларыппыттара, быйыл муостатын уонна истиэнэтин өрөмүөннээн бүтэрэн эрэллэр.

Уолаттар эрэллээхтик тутталларын, күүстээх үлэ тэтимнээхтик барарын көрөн Инбэлииттэр уопсастыбалара махталлара муҥура суох. «Үтүө дьыала үксүү турдун!«, — диэн Ньурба улууһун инстаграм-сирэйигэр суруйдулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА