Ньурба оройуонугар «Бүлүү» А-331 федеральнайдааҕы айан суолун 756 км Марха өрүһү туоруур муоста үлэтэ үөрүүлээхтик арыллыа.
Мархатааҕы муостаны арыйыыга өрөспүүбүлүкэ салалтата, федеральнайдааҕы суол агентствота, бэдэрээччиттэр уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр, олохтоохтор кыттыыны ылыахтара диэн СИА-ҕа суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Марханы туоруур муостаны тутуу 2015 сыллаахха саҕаламмыта. Эбийиэк ирбэт тоҥҥо тутулунна, Саха сиригэр биир саамай бөдөҥ муостанан буолар. 2024 сылга диэри модернизациялааһыҥҥа уонна магистралы кэҥэтиигэ федеральнайдааҕы биир кэлим былааҥҥа киллэриллэ сылдьар. Муоста киириитэ сылы эргиччи тохтоло суох суолу олохтоото.