Арассыыйаҕа «Мүөттээх ыҥырыаны иитии туһунан» сокуон барылын иккис ааҕыыга Госдума дьокутааттара көрүөхтэрэ. Сокуон көмөтүнэн ыҥырыа иитиитин дойду аграрнай бэлиитикэтин сорҕотунан оҥорор сорук турар.
Сокуонунан мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ, үөскэтиигэ уопсай быраабылалары олохтуохтара, мүөтү оҥорууну тыа хаһаайыстыбатын туспа салаатын, судаарыстыбаннай бэлиитикэ быһыытынан билиниэхтэрэ. «Пчеловодство», «продукт пчеловодства», «пасека», «пчелиная семья» диэн өйдөбүллэри киллэриэхтэрэ.
Саха сиригэр 2019 сыл көрдөрүүтүнэн 450 ыҥырыа дьиэ кэргэнэ баар, сыл иһигэр 5 туоннаттан тахса мүөт хомуллубут.