Муома улууһун баһылыга Иван Павлов Ил Дархан Айсен Николаевтыын көрсүһүүтүгэр улууска уоту кытары охсуһууга анал тиэхиньикэ, Хонуу нэһилиэгэр кииннээн көрдүүр-быыһыыр сулууспа наадатын эттэ. Маны таһынан өрүттэр улуус социальнай-экономическай сайдыытын, от хаамыытын, коронавирус дьаҥыттан харыстаныы үлэлэрин туһунан кэпсэттилэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Иван Павлов улууска ойуур баһаардарын туругун кэпсээтэ, Ил Дархаҥҥа уоту умулуннарыыга көмөтүн иһин махталын тиэртэ. Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап быһаарыытынан, нэһилиэктэргэ суоһаабыт биэс улахан уот умуруорулунна. «МЧС, лесничество, олохтоох дьон кыттыгас үлэлээн, уоту тохтоттулар. Төһүү күүһү МЧС авиацията оҥордо», — диэтэ Иван Петрович.
Окко 1290 туонна былаантан 902 туонна бэлэмнэммит. «Баһаардартан сылтаан от үлэтэ тохтоон сылдьыбыта, билигин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары мобильнай биригээдэ тэринэргэ үлэлэһэ сылдьабыт. Хаалбыт кэмҥэ былааммытын 80-85% толорор кыахтаахпыт», — диэтэ улуус баһылыга.
Муома улууһугар билиҥҥитэ коронавирус дьаҥа бэлиэтэнэ илик. Иван Павлов улууска эпидемиологическай турук ураты хонтуруолга турарын, кэлээччи дьон бэрэбиэркэ баралларын, самоизоляция бэрээдэгин ирдииллэрин эттэ. Атын регионтан кэлээччилэр учуокка тураллар уонна оройуон суһал ыстаабын кэтэбилигэр ылыллаллар.
Баһылык улууска уоту кытары охсуһууга анал тиэхиньикэ, Хонуу нэһилиэгэр кииннээн көрдүүр-быыһыыр сулууспа наадатын эттэ.