“Саас кэллэ Муомаҕа, Индигир уһунна муораҕа” диэн Т.Толомон ырыа буолбут тыллара Муомаҕа сылаас күннүүн сиэттиһэн саас кэлиитин уруйдууллар. Ол эбэтэр сылын аайы Индигир эбэбит этэҥҥэ устарын улаханныын-кыралыын кэтэһэбит.
Индигир сүнньүгэр хотугу эргимтэҕэ сыһыаннаах Өймөкөөн уонна Муома, Абый, Аллайыаха арктическай улуустар бааллар. Индигирбит маҥнай Өймөкөөҥҥө хамсыыр. Бүгүн Өймөкөөн, Муома кыраныыссатыгар сытар Төбүлэх нэһилиэгиттэн Индигир хамсаан, устан эрэрин туһунан Людмила Стручкова биллэрдэ: «Эбэбит быйыл уута кыра буолан, уһуннук бэлэмнэнэн, ыам ыйын 20 күнүгэр харгытын мууһуттан ыраастанан, ийэ мууһун көтөхтө. Дьон-сэргэ биэрэккэ кэлэн үөрэн-көтөн эбэбитин арыылаах алаадьынан күндүлээтибит, этэҥҥэ муораҕа ааһарыгар баҕа санааларбытын эттибит”.
Итинтэн салгыы эбэбит Соболоох нэһилиэгин таарыйар. Бу күннэргэ эбэ этэҥҥэ ааһарын кэтэһэбит, сэрбэнэбит. Ааспыт үйэ 60-нус сылларыгар Соболооххо элбэх уу кэлэн, эбэ хаатыттан тахсан, бөһүөлэги улаханнык уу ылбыта, үгүс сүөһү ууга былдьаммыта, элбэх олорор дьиэ-уот алдьаммыта, ууга барбыта. Онтон ыла саас өрүс эстиитэ манна эрдэттэн сэрэтэр дьаһаллар ылыллаллар. Нэһилиэнньэ үрдүк сиргэ көспүтэ. Сүрэх баастаах нэһилиэнньэ өрүс эстэн ааһарын долгуйа күүтэр. Сэрэхтээх буоларга туһуламмыт дьаһаллар олохтоннулар.
Бу күннэргэ оройуоҥҥа сааскы халаан уутуттан сэрэхтээх буолууга, туһааннаах тэрилтэлэр үрдүк таһымнаах, толору бэлэмнээх буолуу эрэһиимигэр үлэлииллэр.
Индигир эбэбит барахсан этэҥҥэ мууһуттан төлөрүйэн, уутун хомунан, сайыҥҥы нус-хас көстүү оройуоҥҥа сатыылыырын Аан айылҕаттан алгыс ыытан күүтэбит.