22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан: Муус устар 28 күнүттэн булгуччулаах "мааска эрэһиимэ" киллэриллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр коронавирус тарҕаныыта улахан уларыйыыта суох. Бүтэһик сууккаҕа эбии сэттэ киһи ыалдьыбыта билиннэ.


Дьокуускайга алта киһи ыарыйда. Кинилэр бары урут ыалдьыбыт дьону кытта контактаахтар. Харах балыыһатын үлэһиттэрэ эбилиннилэр.

Биир — Хаҥалас улууһугар бэлиэтэннэ.

Дьокуускайга ыарыһах ахсаана — 59. Бүтэһик нэдиэлэҕэ эбиллии бэлиэтэнэр. Ол иһин Дьокуускайга, итиэннэ «самоизоляция» эрэһиимэ киллэриллибит улуустарга бары мааскалаах сылдьар булгуччулаах буолла.

Алдаҥҥа эбии ыалдьыы суох. Харантыын миэрэтин ылыы көмөлөстө.

Чайындаҕа анаалыһы оҥорооһун түмүктэнэн эрэр. Вахтовай бөһүөлэктэргэ мобильнай медицинскэй тэрилтэлэр арыллыахтара.

Маай бырааһынньыктарыгар «самоизоляция» эрэһиимин тутуһуу булгуччулаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА