22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хоту улуустарга көтүүгэ билиэт сыанатын кыччатыыга федеральнай таһымҥа үлэ ыытыллар

11:32, 12 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куораттан хоту улуустарга айан иһин төлөбүр сыаната ыараханын туһунан олохтоохтор регион салалтатыгар куруук туруораллар. Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, боппуруос федеральнай таһымҥа быһаарыллар.


«Биһиги «Аэропорты Севера» ФКУ ситимигэр аэропорт хомуурдарын суох оҥорорго этиилээхпит, иккис курдук — өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи көтүүнү федеральнай бюджеттан субсидиялыылларын ситиһии», — диэн эттэ биэдэмистибэ салайааччыта Александр Тарасов.

Кини этэринэн, Ил Дархан Айсен Николаев сыананы чэпчэтии туһунан Россия тырааныспарга уонна үпкэ министиэристибэлэригэр этии киллэрдэ.

Билиэт сыанатыгар авиакэрэһиин иһин төлөбүр ыарахана, аэропорт хомуурун сабыдыала уонна авиацияны үлэлэтиигэ регион уратылара дьайаллар.

«Өрөспүүбүлүкэ иһигэр муҥутуур кыахтарынан үлэлиир сөмөлүөттэринэн көтөбүт. Өскөтүн улахан көтөр аалга 100 киһини олордон баран, сыана чэпчииригэр дьайар кыахтаах буоллахпытына, оннук Ан-24 уонна Ан-26 сатаммат», — диэн быһаарда Тарасов.

Миниистир бэлиэтээбитинэн, авиабилиэт 17% аэропорт хомуура ылар. Ону суох оҥорор туһугар федеральнай бюджеттан 3 млрд солк наада. Билигин Саха сиригэр субсидиянан туһаныыга өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнайдааҕы бырагыраамалар үлэлииллэр.

«Өскөтүн биһиги этиибитин ылыннахтарына, билиэт сыаната лаппа кыччыахтаах. Эрэл баар», — диэн түмүктээтэ Тарасов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА