Сылын ахсын араас матырыйаалынан өйтөн ойуулаан көрөн, тэлгэһэ тулатын киэргэтии күрэҕэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да дьон-сэргэ үрдүк сыанабылын, сөҕүүтүн-махтайыытын ылла. «Хас тэлгэһэ аайы араас быһыылаах-таһаалаах оҥоһуктар муус сэргэҕэ, хаар дьиэҕэ тиийэ оҥоһулуннулар», — диэн өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ кэпсээтилэр.
Онтон бу кыракый нэһилиэк төрүт олохтооҕо Трофим Михайлов, улахан хаһаайыстыба аҕа баһылыга, тэлгэһэтин аттыгар мууһунан да, хаарынан да буолбакка, балбаахтан сыбаан сүдү улахан кыылы – мааманы (һэлиини) чочуйан таһаарда. Кини биһиги тоһуттар тымныылаах тыйыс айылҕабытыгар хас эмит мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр олорон ааспыт мааманнары оҕо сааһыттан сэргиир буолан, бу сүдү кыыл быһыытын-таһаатын, оннооҕор уҥуоҕун үрдүгүн учуоттаан оҥорбут. Түөрт миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх һэлиини, чахчы даҕаны, үүт-үкчү илэ бэйэтинэн, оҕотун батыһыннаран хааман иһэрин курдук оҥорон таһаарбыт.
Трофим Михайлов этэринэн, мааманы ый кэриҥэ оҥорбут. Бу сүдү кыыл тыыннаах курдук көстөрүн, бэл диэтэр, кыламаннарыгар тиийэ оҥоһуллубутун дьон-сэргэ сөҕөн кэпсиир. Уруһуйга эрэ көрөр кыылбытын — һэлиини тыыннаахтыы көрбүт курдук сананар кырачааннар, олохтоохтор кирилиэһинэн ыттан тахсан, көхтөөхтүк хаартыскаҕа түһэллэр.