ХИБҮ сонуннарын эрэдээксийэтэ оҥорбут “Саха үнүбэрсиэтэ – идиэйэ баабырыката” бырайыага “Үрүҥ көмүс охчут” күрэх Уһук Илиҥҥи кэрдииһигэр “Корпоративнай коммуникация эйгэтигэр бастыҥ бырайыак” диэн номинацияҕа кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Ол түмүгэ олунньу 10 күнүгэр Уһук-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэккэ этилиннэ.
Эрэдээксийэ ХИБҮ официальнай саайтыгар, “Наш университет” хаһыакка, “Наш_университет_онлайн” билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох санаа саайтыгар, “Ореn. Открытый университет” култуурунай-сырдатар сурунаалга сонуннары таһаарар.
“Бу, этэргэ диэри, үнүбэрсиэт эрэдээксийэтин биэс сыллааҕы үлэтин түмүгэ. Биһиги үөрэхпит кыһатын корпоративнай медиата тэтимнээхтик уларыйан иһэр, бэлиэтээн эттэххэ, маннык коммуникация хайа баҕарар үрдүк үөрэх кыһатыгар баар буолбат. Эспиэрдэр бары биир санаанан биһиги бырайыакпытыгар куоластаатылар, бу барыта сыалбыт сиппитин уонна идиэйэбит атыттары кытары куоталаһар кыахтааҕын көрдөрөр”, — диир сүрүннүүр эрэдээктэр Никита Аргылов.
Кини этэринэн, күрэх эспиэрдэрэ, толоруутун таһымынан, бүтүн регионнааҕы таһымҥа киллэриэххэ сөптөөх диэн “Наш университет” хаһыаты сыаналаабыттар.
Уһук Илиҥҥи кэрдиис түмүктүүр түһүмэҕэр уустук сүүмэрдээһини ааспыт бырайыактар киирдилэр. Уһук-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэккэ ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ, олох-дьаһах уонна аһымал санаа иһитиннэриитэ, сир-уот сайдыыта уонна иннин диэки хардыыта, маркетинг туһунан иһитиннэрии, саҥа медиа уонна социальнай ситим эйгэтигэр хайысхаламмыт бастыҥ үлэлэр ааттаннылар.
Ыспыраапка:
“Үрүҥ көмүс охчут – Уһук Илиҥ” диэн, уопсастыбаннай сибээс сайдыытын эйгэтин национальнай бириэмийэтэ буолар. 2016 сылга бириэмийэ 19-с төгүлүн ыытылынна. Уһук илиҥҥи күрэх тэрийээччилэрэ, УИБҮ кытары бииргэ үлэлэһэр “АГТ-Восток” коммуникационнай агенство уонна Tele2 мобильнай сибээс оператора буолаллар.