22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Егор Борисов: Былааска ыллыктаах кириитикэ наада

11:55, 28 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былааска кырдьыктаах, аһаҕас уонна ыллыктаах кириитикэ наада. Уопсастыбаҕа политическай култуура үрдүөхтээҕин туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов муус устар 27 күнүгэр буолбут «Быһа эфир» кэмигэр эттэ.


«Билигин тус уйгуларын улаатыннарары, бэйэлэрин «кыараҕас» интэриэстэрин өрө тутары туруулаһар туспа күүстэр бааллар. Кинилэр ити сыалларын-соруктарын ситиһэр туһугар көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэри туһаналлара баар суол. Ону хайдах да боппокун», — диэтэ Борисов.

Былааннаммыт информационнай хампаанньалар үөстэригэр биир үксүн дуоһунастаах дьон, араас таһымнаах салайааччылар буолаллар.

«Уопсастыбаҕа ыарахаттар, кыһалҕалар баалларын өйдөөн туран бэйэбэр улахан эппиэтинэһи куруук ылынабын. Мин быһаарыыларым, дьаһалларым барыта дьон-сэргэ интэриэһин көмүскүүргэ туһаайыллар. Онтон атын сыһыан суох уонна инникитин да суох буолуоҕа. Мин үйэ чиэппэрин устата былаас уорганыгар үлэлиибин. Ити кэм-кэрдии тухары ааппын-суолбун намтата сатааһын баара. Ол кыаллыбатаҕа», — диэтэ Егор Афанасьевич.

Чиэһинэй, ыллыктаах кириитикэ наадатын кини ойуччу тутан бэлиэтээтэ: «Былааһы кириитикэлиэххэ наада, ити алҕас тахсыбатыгар, сөптөөх быһаарыы ылылларыгар көмөтө улахан. Ол оннугар дьыалаҕа сыһыана суох чопчу кимтэн буолара биллибэт кирдээх сымыйа, холуннарыы да баар дииргэ тиийэбит».

Егор Борисов ол да буоллар, итинник быһыы-майгы уларыйыаҕар эрэллээҕин эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар