Биллиилээх политическай деятель, Саха Автономиятын төрүттэспит Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕын нэһилиэгэр Республика күнүн көрсө муус устар 23 күнүгэр үөрүүлээх миитин буолла.
Олус долгутуулаах, патриотическай тыыны биэрэр тэрээһиҥҥэ СР Правительствотын бэрэссэдээтэлэ, «Биир ньыгыл Россия» партия праймериһын кыттыылааҕа Галина Данчикова салайааччылаах делегация кыттыыны ылла. Сүдү киһи үрдүк аатыгар сүгүрүйэн, махтанан пааматынньыгар тыыннаах сибэккини уурдулар.
«Судаарыстыбаннай дьыала иһин турууласпыт улуу киһи Исидор Барахов республика экономиката сайдарыгар элбэҕи оҥорбута. Кини ыстатыйалара, научнай үлэлэрэ билигин даҕаны биһиги үлэбитигэр элбэҕи өйдүүрбүтүгэр, салгыы сайдыыга туруулаһарбытыгар туһаныллаллар. Кини үлэлэрэ хас биирдии дьиэ кэргэн, оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ сири кытта үлэҕэ, нолуокка, бюджекка сыһыаннаахтар. Онон олус күндүлэр», — диэтэ Галина Данчикова.
Ил Түмэн государственнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина: «Харбалаах олохтоохторугар туһаайан этэбин, эһиэхэ махтанабыт, бүгүн биһигинниин буолбуккутугар. Эһиги биир дойдулааххыт Исидор Барахов 40 сааһын туола да илигинэ республиканы төрүттэспитэ. Эһиги онон киэн туттуохтааххыт. Эһиги бу улуу киһигит пааматынньыгыттан күүс ылан сайдыы суолун салайсаҕыт, төрөөбүт дойдугутунан киэн туттаҕыт», — диэтэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин Исидор Бараховка үтүө өйдөбүлү, ытыктабылы биллэрэн маннык элбэх киһиттэн састааптаах Правительство делегацията кэлэн бу бэлиэ күҥҥэ кыттыыны ылбытын бэлиэтээтэ уонна кылгастык историяттан кэпсээтэ. «Историяҕа элбэхтик кэпсэммэт киһи баар. Чита куораттан төрүттээх Сергей Юрьевич Широких-Полянских диэн Забайкалье казага. Кини Уһук илиҥҥи юстиция министерствотын салайааччытынынан олорон, Каландрашвили этэрээтин састаабыгар политкомиссарынан кэлэр. Каландрашвили олохтон туораабытын кэннэ Широких-Полянских, Иван Строд уонна Исидор Барахов буолан Саха АССР автономиятын тэрийии туһунан боппуруоһу туруорсар туһугар үлэлииллэр. Онтон Исидор Барахов Саха сирин Обкомун бастакы сэкирэтээринэн буолар уонна республика сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбитэ. 1923 сыллаахха республика бастакы бюджетын тутулун оҥорбута. Исидор Никифорович Барахов аатынан государственность музейа Галина Иннокентьевна Данчикова быһаччы быһаарыытынан тутуллубута, түгэнинэн туһанан киниэхэ улахан махталбын биллэрэбин», — диэтэ баһылык.