24 Сэтинньи 24.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Эһэлээх арыыларга" олохтоох дьон үлэлиэхтэрэ

11:02, 19 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аллара Халыма улууһугар саҥа тэриллэр «Эһэлээх арыылар» (Медвежьи острова) заповедникка 20 үлэ миэстэтэ тахсыа. Бу туһунан ulus.media суруйар.


Быйыл Аллара Халыма улууһугар «Эһэлээх арыылар» диэн заповедник тэриллэрин туһунан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕа тахсыбыта. Харыстанар сир 800 тыһыынча гектар иэннэээх. Үрүҥ эһэлэр үөскүүр сирдэригэр баар. Заповедник 300 тыһ гектара биэрэк уонна материк. Кини олохтоох омуктар төрүт сирдэригэр киирбэт.

Заповеднигы «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн тэрийэллэр. Быйылгы дьылга тэрилтэ 20 үлэһиттээх буолара бигэргэннэ. Билигин тиэхиньикэ тыырыыта быһаарыллар.

Заповедник харыстанар сир эрэ буолбакка улахан научнай үлэлэр ыытыллар сирдэринэн буолуо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА