23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьокуускайга өрүһүнэн кыһыҥҥы суолу оҥоро сылдьаллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай уонна Мэҥэ-Хаҥалас территорияларыгар «Умнас» — Хатас хайысханан кыһыҥҥы Өлүөнэ өрүһү туоруур суолу оҥорууга үлэ барар.

«Управтодор» хампаанньаҕа бэлиэтээбиттэринэн, үс тоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспарынан сырыыны ахсынньы 10 күнүттэн, 20 туоннаҕа диэри – ахсынньы 20 күнүттэн, 30 туоннаҕа диэри – ахсынньы 28 күнүттэн, онтон 40 туоннаҕа диэри – олунньу 6 күнүттэн көҥүллүүллэрэ былааннанар.

Ол курдук, киин куорат өттүттэн мууска киирии суолу оҥоруу түмүктэннэ. Билигин исписэлиистэр мотопомпа көмөтүнэн өрүс фарватерыгар диэри мууһу тоҥоро сылдьаллар. Мууһу бөҕөргөтүү түмүктэннэҕинэ эбии күүстээх установка үлэҕэ киириэҕэ.

«Күҥҥэ быһа холоон 400-500 миэтэрэни ааһабыт. Биһиги билигин тырааныспар сырыытыгар түөрт балаһаны оҥоруохтаах сирбитигэр кэллибит, олортон икки резервнэй, Үөс-Кумах арыытыгар диэри тиийиэхпит», — диэн учаастак маастара Эдуард Анисимов иһитиннэрдэ.

Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар бэдэрээтчит эмиэ подход тутуутун түмүктээтэ. Билигин тиэхиникэни Үөс-Кумахха көһөрөргө быстах суол оҥорорго үлэлэр ыытыллаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА