25 Сэтинньи 25.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дмитрий Саввин ытык кырдьаҕас Максим Сибирякову 85 сааһынан эҕэрдэлээтэ

09:31, 26 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин аактабай саалатыгар үбүлүөйдээх мунньах  ыытылынна. Ытык кырдьаҕас  Максим Николаевич Сибиряковка анаан махтал, эҕэрдэ тыл этилиннэ.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Саввин тыа хаһаайыстыбатын производствотын тэрийээччи, Саха АССР биллэр партийнай, сэбиэскэй уонна хаһаайыстыбаннай үлэһитэ, «Бочуот Знага», «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын туйгуна, Амма, Уус Алдан, Чурапчы улуустарын, Соловьев, Байаҕантай, Тиит Арыы нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, союзнай суолталаах персональнай пенсионер, спорт маастара, хапсаҕайга уонна тустууга Саха АССР хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Максим Николаевич Сибиряков 85 сааһын туолбут үөрүүлээх мунньаҕар кытынна.

Ил Түмэн депутата Дмитрий Саввин Максим Николаевич Сибиряков Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата, тыа сирин олоҕо сайдарын туһугар турууласпыт улахан өҥөлөөҕүн бэлиэтээтэ. «Бары өттүнэн чаҕылхай, үлэтэ-хамнаһа аҥардас биир эрэ улууска, нэһилиэккэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыта. Кини үлэһит, салайааччы, тустуук, олоххо саҥаны киллэрээччи, билгэһит быһыытынан дэгиттэр киһи. Күн бүгүн 85 хаарын санныгар түһэрэн олорон, өрөспүүбүлүкэни ааһан, аан дойду политикатын, айылҕа уларыйыыларын, чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар бары сонуну билэр-көрөр», — диэн бэлиэтээтэ.

Салгыы Дмитрий Васильевич Таатта улууһугар Харбалаахха дириэктэрдии олордоҕуна Максим Николаевич кэлэ сылдьыбытын аҕынна. Онно: «Мин тыа хаһаайыстыбатыгар ананан төрөөбүт курдук сананан үлэлиибин, эһиги эмиэ оннук сананан үлэлээн, сири оҥоруҥ, дьону кытта кэпсэтиҥ, инникигит ол буолуо», — диэбитэ. Кырдьык, кини үлэтинэн элбэх киһиэхэ холобур буолар. Мээндигэ уонна Сэргэ Бэс бөһүөлэктэри туттарбыта, тус бэйэтэ бырайыактаан 10 күөлү оҥотторбута, 12 күөлү оҥорууга быһаччы кыттыһан үлэлэспитэ. Маны таһынан биэс оройуоҥҥа (Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас) 25 тыһыынча гектар ходуһаны оҥотторбут өҥөлөөх», — диэн этэн туран «Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» Ил Түмэн Бэрэсэдээтэлин Махтал суругун туттарда.

Ытык кырдьаҕас Максим Николаевич Сибиряков харда тылыгар: «Сири таптаатахха, киниэхэ үчүгэйдик сыһыаннастахха, кини сүүс оччонон төлүүр, уйгу-быйаҥ олохтуур. Сиртэн тэйии – дьону эстэр-быстар дьылҕалыыр. Үлэттэн куттанымаҥ, толлон турумаҥ. Харса суох үлэлээҥ иһин», — диэтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА