ЧС режимин кэмигэр Саха сиригэр 220- тэн тахса ойуур баһаарын умуруорбуттар, диэн СИА-ҕа федеральнай Авиалесоохрана иһитиннэрэр.
Билиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр 700 кэриҥэ Авиалесоохрана парашютист-десантниктара, ойуур баһаарынай станцияларын үлэһиттэрэ уонна уот умулларыытыгар тардыллыбыт дьон, 70 221 гектар сиргэ 10 ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар.
Уоту утары охсуһууга 50-чэкэ тыраахтар, бульдозер уонна да атын сир тиэхиникэлэр туһаныллаллар. 30 006 гектар иэннээх сиргэ 6 уот көрдүгэнин бүтүннүү тохтоттулар.
Парашютист-десантниктар миэстэлэргэ 10-тан тахса сөмөлүөттэри уонна бөртөлүөттэри түһэрэллэр, ол иһигэр Авиалесоохрана Ми-8 МТВ-1 саҥа бөртөлүөттэрэ көтөллөр.
Күн бүгүн, Авиалесоохрана үгүс үлэһиттэрэ Уус-Маайа оройуонугар баһаары умулларыыга үлэлии сылдьаллар. Минерализованнай балаһалары оҥорорго улахан эстэр сунуурдары туһаналлар.
Саха сиригэр баһаары умуруорууга Бурятия, Красноярскай, Приморскай, Забайкальскай, Хабаровскай кыраайдар парашютист- десантниктара үлэлииллэр.