Саха сиригэр үүтү бэлэмнээһиҥҥэ бырабыыталыстыба 2024 сылга 3,5 тахса млрд солк ыытар. Муус устар 8 күнүнээҕи туругунан бу сыалга муниципальнай оройуоттарга уонна куорат уокурустарыгар 892,5 мөл солк тириэрдилиннэ.
Улуустарынан:
— Амма 67,8 мөл солк;
— Үөһээ Бүлүү 41,5 мөл солк;
— Дьааҥы 26,5 мөл солк;
— Бүлүү 58,8 мөл солк;
— Горнай 34,2 мөл солк;
— Кэбээйи 27,1 мөл солк;
— Ленскэй 18,3 мөл солк;
— Мэҥэ Хаҥалас 73,8 мөл солк;
— Мииринэй 15,5 мөл солк;
— Нам 35,5 мөл солк;
— Ньурба 52,2 мөл солк;
— Өлүөхүмэ 40,4 мөл солк;
— Сунтаар 93,2 мөл солк;
— Таатта 61,7 мөл солк;
— Томпо 10,1 мөл солк;
— Уус Алдан 41,9 мөл солк;
— Уус Майа 2,9 мөл солк;
— Хаҥалас 71 мөл солк;
— Чурапчы 76,2 мөл солк;
— Дьокуускай 42,6 мөл солк.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга субсидия туһунан бэрэссэдээтэл Кирилл Бычков бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйан таһаарда. Сиһилии бу сигэнэн киирэн билсиҥ https://t.me/kirill_bychkov_yakutia/1410