Республика муниципальнай тэриллиилэрин Сэбиэтин IX съеһин чэрчитинэн, улуус баһылыгын солбуйааччыта Семен Бурнашев, улуус дьаһалтатын тутууга управлениятын начальнигын солбуйааччыта Василий Рожин «ТМС+» тэрилтэ салалтатын кытта көрүстүлэр.
Ол курдук «ТМС+» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ Уус Алдан улууһугар 2021 сылтан Бороҕоҥҥо, «Маяк» түөлбэҕэ 2.4 МВт кыамталаах саҥа «Терморобот» котельнайы тутан үлэлэтэр. Бу котельнайга кэлэр оттук сезонугар аҕалара анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Мүрү нэһилиэгин олохтоохторун, Васильевтар дьиэ кэргэттэрин, тутта сылдьар саҥа дьиэлэрин ититии ситимигэр холбуурга, итиэннэ Бороҕоҥҥо саҥа котельнайы тутууга сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.
Саҥа котельнай тутуллан, 2024 сылга үлэҕэ киирдэҕинэ, Бороҕон илин өттүгэр олорор 129 ыал ититии ситимигэр холбонуохтара, суруйда улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.