Болугур нэһилиэгэр норуот маастара, улуустааҕы «Айар түмсүү» салайааччыта, туойунан оҥоһуктарынан саха сиригэр аата-суола атыырбыт, суон сурахтаммыт Степан Прокопьевич Устинов Уус Кыһатын дьиэтин тутта.
Болугурга тимир ууһун күнүс тымтыктанан да булбаккын, бары туоһунан, оҕуруонан, маһынан уһанар уустар. Ол иһин Уус Кыһата — тимир уустара уһуйуллан тахсалларыгар тэптиргэ, тирэх буолуоҕа диэн санааттан оҥордубут диэн Степан Прокопьевич этэр. Малааһыҥҥа улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Кииннэммит бухгалтерия салайааччыта Роман Алексеев, улуустааҕы культура управлениетын испэсэлииһэ Ольга Судинова, Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров уонна улуус уустара, олохтоохтор эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Кыһаны «Болугур» хаһаайыстыба эргэ дьиэтин көрдөһөн ылан көтүрэн аҕалан туппуттар. Уһанар тэрили-тээбирини ыларга социальнай хантараах түһэрсибиттэр уонна культураны көҕүлүүр бэрэсидьиэн Фондатыгар биисинэс бырайак суруйан булуммуттар. Силигин ситэрэн Хабаровскайтан улахан пневматическай балтаны атыылаһан аҕалан туруорбуттар. Онон, уустар уһаналларыгар бары барыта баар буолбут.
Амма олоҕо хаһыат