iPhone — Apple хампаанньа оҥорор мультимедийнай смартфон линейката. Apple iOS операционнай системаҕа үлэлиир. 2009 сыл тохсунньу 9 күнүгэр МакУорлд Экспо конференциятыгар бастаан хампаанньа тойоно Стив Джобс көрдөрбүтэ. Атыыга 2007 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр тахсыбыт.
Бэлиэ күннэр
- Арассыыйа — Арассыыйаҕа Бартыһааннар уонна подпольщиктар күннэрэ. 2010 сыллаахтан Брянскай уобалас дууматын көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр. 1941—1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр фашистары утары өстөөх тыылыгар охсуспут дьону кэриэстиллэр.
- Венесуэла, Колумбия, Коста Рика, Мальта, Перу, Рим, Сан-Паулу, Чили, Испания — Арыгы кыргыһыыта (Batalla de Vino). Олохтоохтор кыһыл арыгынан бэйэ-бэйэлэрин ыһыахтыыллар, ол кэнниттэн «борооскулар кыргыһыыларын» ыыталлар (оҕустар кыргыһыыларын курдук эрээри, борооскулары өлөрбөттөр).
- НКР — Ийэ дойду иһин охтубуттар күннэрэ[1]
- Сейшеллар — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан 1976 сыллаахха)
- Эквадор — Инженер күнэ
Түбэлтэлэр
- 1917 — урукку ааҕыынан бэс ыйын 16 — «Саха аймах» култуурунай сырдатар уопсастыба тэриллибит.
- 1922 — Ефим Курашов хамандыырдаах кыһыл этэрээт Майа сэлиэнньэтин ылбыт.
- 1928 — Иркутскайтан Дьокуускайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга бастакы көтөр аал кэлбит. 8 миэстэлээх «Моссовет» диэн ууга түһэр гидроплан Иркутскай — Жигалово — Усть-Кут — Киренскай — Бодойбо — Витим — Өлүөхүмэ — Дьокуускай холонон көрүү маршрутунан көтөн кэлбит. Мантан ыла куруук көтөр рейстэр саҕаламмыттар. Бу иннинэ Дьокуускайтан Москубаҕа айан ыйтан ордук, онтон саас суол алдьаннаҕына икки ыйтан ордук буолар эбит. Ол иһин Саха сирин салалтата көтөр аалынан сырыы аһылларын 1923 сыллаахтан ыла туруорсубут.
- 1934 — Саха АССР Норуотун хамыһаардарын Сэбиэтин (СНК) «Учууталлар үөрэхтэрин кэтэхтэн үрдэтинэр институуттарын тэрийии туһунан» диэн уурааҕа тахсыбыт.
- 1938 — Исидор Бараахап дьыалатыгар доппуруос бастакы боротокуола суруллубут. Олунньу 3 күнүгэр хаайыллыбыт эрээри, архыыпка баар дьыалаҕа ол кэнниттэн 146 хонук иһигэр туох буолбута биллибэт. Бу тухары НКВД хаайыытыгар сытан «буруйун» билиммэтэх буолан, доппуруос боротокуола суох диэн устуорук Е. Алексеев суруйар.
- 1958 — Бразилия аан бастаан футболга аан дойду чөмпүйүөнэ буолбут. Билиҥҥи туругунан Бразилия аан дойду чөмпүйэнээттэригэр биэс төгүл бастаабыта, бу курдук көрдөрүүлээх атын дойду суох.
- 1964 — Телевизор дистанционнай пульта айыллыбыт.
- 1984 — «Якутуглестрой» кэмбинээт биригэдьииригэр Михаил Михеевкэ Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- 2007 — АХШ-га Apple хампаанньа бастакы мобильнай төлөппүөнэ, iPhone, атыыга тахсыбыт.
- 2012 — Дьокуускай аэропордугар 17,5 тыһ. кв. м. иэннээх саҥа терминал арыллыбыт. Аэропорт комфорт уонна куттал суох буолуутунан «С» кылаастаах ирдэбилгэ хоруйдуур буолбут, оттон дьону аһарыытын кыаҕа чааска 700 пассажирга диэри улааппыт.
Төрөөбүттэр
- 1916 — Пантелеймон Тулааһынап (1949 сылга өлбүт), бэйиэт.
- 1937 — Герман Комраков, композитор, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1946 — Иннокентий Голиков, физикаҕа уонна математикаҕа билим дуоктара, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1994-1996 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ миниистирэ, СГУ педагогическай институтугар ректорынан өр сылларга үлэлээбитэ.
Өлбүттэр
- 1934 — Эдуард Пекарскай (25.10.1858 төр.) — лингвист, этнограф, фольклорист, ССРС наукаларын Академиятын бочуоттаах чилиэнэ (1931). Нуучча географияны чинчийэр обществотын этнография отделениетын сэкирэтээрэ, сахалар уонна эбэҥкилэр этнографияларын тустарынан үлэлэр ааптарадара, бастакы фундаментальнай саха тылын тылдьытын оҥорбут киһи.
- 1989 — Михаил Стрекаловскай (04.02.1914 төр., Бастакы Өспөх нэһилиэгэ, Уус-Алдан улууһа) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа (1996).
- 1994 — Нуучча тылыгар В. Гаврильева сэһэннэрин, Николай Якутскай «Из тьмы» сэһэнин, Анастасия Сыромятникова «Кыыс Хотун» арамаанын тылбаастаабыт Иван Ласков.