Хой
Таптал чааһыгар табыллыан, күн иккис аҥарыгар чугас киһигин кытары бииргэ бириэмэ атаараргыт оруннаах.
Оҕус
Уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө буолаары турар, бу күн, бэлэм буол.
Игирэлэр
Истиҥ доҕоргун кытары аһаҕас кэпсэтии былааҥҥа баар.
Рак
Санаарҕыыр санаан барыта дьикти баҕайытык орун оннугар чөкө быһаарыллан иһиэ.
Хахай
Дьол уонна сор утуу-субуу сэргэстэһэ сылдьаллар.
Кыыс
Баҕа санааҕын ситиһэргэ бэйэҥ турууластаххына түргэнник кэлиэ.
Ыйааһын
Айаҥҥа, суолга-иискэ сэрэхтээх буолар ирдэнэр. Аҕа саастаах дьоҥҥо болҕомтолоох буол.
Скорпион
Кимнээҕэр даҕаны бу сиргэ дьолго тиксэргэ эн тоҕоостооҕу оҥороҕун.
Охчут
Кимниин эрэ көрсүһэр түгэни олус күүтэҕин, дьикти алыптаах көрсүһэр түгэни.
Чубуку
Доҕоттору көрсүһэр түгэн тосхойуо. Санаа атастаһарга, инники былааны оҥорорго табыгастаах күн.
Күрүлгэн
Тус олоххор туһааннаах биир көрсүһүү түгэнэ эйиигин күүтэр.
Балыктар
Кистэлэҥҥин бастакы көрөр дьоҥҥор ыһа-тоҕо кэпсээмэ, соччото суох сурахтар үөскүөхтэрэ.