Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Афанасий Владимиров Амма улууһун, Соморсун нэһилиэгин баһылыктарын Николай Архиповы уонна Алексей Кононовы кытары көрүстэ. Өрүттэр Василий Васильев — Харысхал аатын үйэтитэр туһунан кэпсэттилэр.
Алексей Кононов нэһилиэккэ тутуллуохтаах саҥа култуура дьиэтигэр Баһылай Харысхал аата иҥэриллиэхтээҕин туһунан билиһиннэрдэ. «Ити бырайыакпытынан «Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагырааматыгар» кыттабыт. Көмүскүүр түгэммитигэр 2022 сылга дьиэ тутуута саҕаланыа», — диэтэ Соморсун баһылыга.
Афанасий Владимиров өрөспүүбүлүкэҕэ Василий Харысхал аатынан литературнай бириэмийэ олохтонорун туһунан иһитиннэрдэ.
Улуус баһылыга Николай Архипов Харысхал төрөөбүт Мээндиги нэһилиэгэр мусуой-дьиэ, кинигэ дьиэтин тэрийэр былааннаахтарын кэпсээтэ.