Атырдьах ыйын 18 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 230-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 231-c күнэ). Сыл бүтүө 135 күн баар. Географ күнэ Арассыыйаҕа былырыыҥҥыттан саҥа бэлиэтэнэр. Нуучча географическай уопсастыбатын көрдөһүүтүнэн биллиилээх географтар ааттарын үйэтитэр, наука эйгэтин кэҥэтэр, дириҥэтэр сыаллаах тэриллибит күн. Бу күнү учуонай-географтар эрэ буолбакка, географияны кытары сибээстээх бары дьон — научнай үлэһиттэр, оскуола, үрдүк үөрэх кыһаларын учууталлара, министиэристибэ, биэдэмистибэ үлэһиттэрэ, оробуочайдар, сулууспалаахтар, чинчийээччи-полярниктар уо.д.а. бэлиэтииллэр.
Күн бэлиэ тэрээһининэн былырыын ахсынньыга олохтоммут РФ үтүөлээх геограба ааты иҥэрии буолуо.
Бэлиэ күннэр:
- Азербайдьан — Пограничник күнэ
- Казахстан — Пограничник күнэ
- Арассыыйа — Географ күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1845 — Нуучча географическэй уопсастыбата тэриллибит.
- 1868 — Франция астронома Пьер Янссен Күн өлүүтүн кэмигэр Күн тас бүрүөһүнүн чинчийэн саҥа элемени, гелийи, арыйбыт.
- 1921 — Корнет Михаил Коробейников баһылыктаах үрүҥ эпиһиэрдэр бөлөхтөрө Дьокуускайтан күрээбит. Балаҕан ыйын бүтүүтүгэр бу этэрээт Ньылхаҥҥа тиийбит. Онно Сэбиэскэй былааһы утары өрө турар туһунан кистэлэҥ кэпсэтии ыыппыттар.
- 2017 — Финляндия устуоруйатыгар бастакы теракт буолбут. Бу быһылаан кэннэ уопсастыбаҕа миграаннары утары аймалҕан тахсыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1912 — Андрей Захаров (29.12.1997 өлб.) — Саха сирин сэбиэскэй кэминээҕи биллиилээх бэлиитигэ.
- 1915 — Георгий Бессонов (2005 өлб.) — Тойбохойго үлэлээбит биллиилээх педагог, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1931 — Надежда Сивцева — саха уонна нуучча тыллара Саха сирин суруйааччыларын айар үлэлэригэр ирээттэрин, тыллар алтыһыыларын үөрэппит чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата.
- 1952 — Артур Софронов (21.06.1991 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 2016 — Владимир Мохначевскай — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, «Чороон» бөлөх мусукаана, ырыаһыта.