Аллайыаха улууһугар 2019 сыллааҕы уунан тиэйии-таһыы түмүктэнэн эрэр. Арктикатааҕы навигация олус эппиэтинэстээх кэмҥэ ааһар: уу аҕыйах, онон сырыыга харгыстары үөскэтэр, манна тыйыс айылҕа туруга эбиилик буолар.
Бүгүн балаҕан ыйын 30 күнүгэр Чокурдаахха арктикатааҕы навигация түмүктүүр сырыыта оҥоһулунна — «Михаил Мальчиков» теплоход-рефрижератора кэллэ. «Туймаада-Агроснаб» ААУо салаатынан хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ аҕалылынна. Барыта 56,8 туонна оҕуруот аһа. Бастатан туран, аһынан түөрт нэһилиэк уонна үөрэх тэрилтэлэрэ хааччыллыахтара.
Индигиркэҕэ уу кыра буолан, рефрижератор кытылга кыайан тиксибэккэ эрэйдэннэ. Ол иһин быһаарыы ылынан баран, билигин уу тырааныспара биричээлтэн 300-400 м. ыраах тохтоото. Онон тиэллэн кэлбит таһаҕаһы экстремальнай усулуобуйаҕа уу мотуордарынан тиэйэ-таһа сылдьаллар.
«Михаил Мальчиков» салгыы Белай Гораҕа устуо. Төннөн иһэн 70 тонна балыгы Чокурдаахтан тиэниэхтээх, диэн иһитиннэрэр Анна Слепцова, http://ulus.media
Николай Черемкин хаартыскаҕа түһэриитэ.