22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирковка ХИФУ «Бастыҥ выпускник – университет киэн туттуута» бочуоттаах аата иҥэрилиннэ

15:01, 26 января 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Сэргэлээх уоттара» культура киинигэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Россия устудьуоннарын күнүн онлайн киэбинэн бэлиэтээтэ. Бу күн «Бастыҥ выпускник – университет киэн туттуута» бочуоттаах аат СР Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы  Александр Николаевич  Жирковка иҥэрилиннэ.

Саха сирин Парламенын аатыттан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева преподавателлэри, устудьуоннары эҕэрдэлээтэ. Кини үөрэхтэригэр бастыҥ  уонна уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх устудьуоннарга махтал суруктары туттарда. Ол курдук, юридическай колледж 2 курсун устудьуонугар Анастасия Алексеева, физико-техническэй институт 4 курсун устудьуонугар Александр Максимов, естественнэй наукалар институттарын 2 курсун устудьуона Ян Тарабукин бэлиэтэннилэр.

Бу күн, үгэс быһыытынан, университет бастыҥ выпускниктара ааттаннылар. «Бастыҥ выпускник – университет киэн туттуута» бочуоттаах аат СР Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы  Александр Николаевич  Жирковка иҥэрилиннэ.

Александр Жирков орто оскуоланы бүтэрэн баран, оччотооҕу кэм  “Оскуола — производство – үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыытынан салайтаран, “Лена” сопхуоска үлэлээн, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан, ытык иэһин толорон баран, Саха Государственнай университетыгар историко-филологическай факультет историческай салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Туйгуннук үөрэнэн, кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Өрүү инники күөҥҥэ сылдьар лидер устудьуоннар тутар этэрээттэрин салайар хамандыыр буолара.

Хайа да түгэҥҥэ бэйэтэ туспа көрүүлээҕин, этэр этиилээҕин, тутуһар позициялааҕын  1979 сыллаахха буолбут түбэлтэттэн билэбит.

Александр Николаевич Жирков — Георгий Прокопьевич Башарин эрэлин толору толорбут чаҕылхай үөрэнээччитэ. Кини саха инникилээн иһэр өйдөөх-санаалаах дьонун кыһатыгар уһаарыллан-хатарыллан тахсыбыта. Аспирант, үөрэммит факультетын ССРС историятын кафедратын ассистена, ыстаарсай преподаватель, Саха сирин уонна Россия Хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын историятын уонна культуратын кафедратын доцена.

Александр Жирков олоххо, үлэҕэ үүнүүтүн кэрдииһин кэмнэрэ университеты кытта быстыспат ситимнээх.

Билигин Александр Николаевич Жирков – Россия  политическай уонна общественнай деятелэ. РФ Федеральнайдааҕы Мунньаҕа Госдуума иһинэн Россия сокуону таһаарааччыларын Ассамблеятын чилиэнэ, “Уһук Илин уонна Забайкалье” Парламент Ассоциациятын чилиэнэ, “Эпосы народов мира” Аан дойдутааҕы Ассоциация вице-президенэ, Аан дойдутааҕы музейдар Сэбиэттэрин ИКОМ чилиэнэ, СР Ил Дарханын иһинэн  Олоҥхо Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, М.К. Аммосов аатынан  ХИФУ учуонай сэбиэтин чилиэнэ,  СР агропрофилированнай оскуолалар Союзтарын бэрэссэдээтэлэ, 2014 с. Бочуоттаах Президенэ, СР Ил Түмэн Государственнай Мунньах V ыҥырыытын  Бэрэссэдээтэлэ.

Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын 1981 с. бастыҥ выпускнига.

Александр Николаевиһы үөрэммит-үүммүт университетын бочуоттаах аата иҥэриллибитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Эн – биһиги норуоппут киэн туттуута буолаҕын диэн этэн туран, үрдүк государственнай үлэҕэр, аан дойдутааҕы таһымнаах гуманитарнай бырайыактаргар үрдүк ситиһиилэри, бөҕө доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт.

Ил Түмэн  пресс-сулууспата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА