Медицина эйгэтин тэрилтэлэрин оптимизациялааһын диэн эбийиэктэри сабыы буолбатах, саҥардыы буолар. Бу туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев «Быһа кэпсэтии» кэмигэр эттэ.
«Медтэрилтэлэри оптимизациялааһын боппуруоһа барыбытын долгутар. Мин үлэһиттэр долгуйууларын тэҥҥэ үллэстэбин. Ити эрээри биһиги доруобуйабыт харыстабылын эйгэтин сайдыыта урукку кэминэн турар, ааспыт үйэ 90-с сылларынан тохтообут. Билигин дойду үрдүнэн ханна да учаастактааҕы балыыһалар диэн суохтар, биһиги олохтон хаалан иһэбит», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Кини этэринэн, Саха сирин олохтоохторо соцэбийиэктэри үлэ миэстэтин эрэ курдук көрөллөр, оскуола оҕону үөрэтэр, балыыһа дьону эмтиир сүрүн аналларын умналлар. Оптимизация чуолаан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хаачыстыбалаах өҥөнөн хааччыйыыга туһаайыллар.
«Саха сиригэр биир да медицина тэрилтэтэ сабыллыа суоҕа. Биһиги кинилэри уларыта тутуохпут. Холобура, учаастактааҕы балыыһа Киин балыыһа филиала эбэтэр амбулатория буолуоҕа«, — диэн быһаарда баһылык.