Ил Дархан Айсен Николаев дойду президенэ Владимир Путин Саха сирин соҕуруу өттүттэн чоҕу тиэйии иэнин улаатыннарарга сорудаҕын эттэ. Бу Байкал — Амур магистраль илиҥҥи учаастагын кэҥэтиигэ үбүлээһин механизмын оҥорууга туһуланар, суруйар СИА.
«Бүгүн Владимир Путин чох салаатын сайыннарыыга мунньаҕар кытынным. Салааны сайыннарыы тосхоло уонна тимир суолунан чоҕу тиэйии-таһыы тула кэпсэттибит. Владимир Владимирович БАМ учаастагын кэҥэтиигэ үбүлээһин механизмын оҥорууну эттэ. Саха сирин соҕуруу өттүттэн чоҕу илин хайысхаҕа тиэйии-таһыы боппуруоһа көрүлүннэ», — диэн суруйда өрөспүүбүлүкэ баһылыга Instagram-мыгар.
Бу быһаарыы, Айсен Николаев этэринэн, өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар дьайымтыалаах буолуоҕа. Бастатан туран, нолуок киириитигэр, 2024 сылга алта төгүл улаатыахтаах, итиэннэ үлэ миэстэтин таһаарыыга, икки төгүл эбиллиэхтээх.