28 Кулун тутар 28.03
  • -11°
  • $ 92,59
  • 100,27

10 000 суумалаах биир кэмнээх төлөбүрү Россияҕа 22 мөлүйүөн оҕо ылар кыахтаах

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

3-тэн 16-гар диэри саастаах оҕолоох ыаллар хас биирдии оҕолоругар 10 тыһ солк суумалаах биир кэмнээх төлөбүрү ылыахтарын сөп. Маннык өйөбүл Россияҕа 22 мөл кэриҥэ оҕоҕо тиэрдиллиэҕэ. Бу туһунан Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Российская газета суруйарынан, төлөбүрү бэс ыйын 1 күнүттэн биэрэн барыахтара.


«Төрөппүттэр сайабылыанньаларын госуслуга порталыгар эбэтэр биэнсийэ пуондатын  отделенияларыгар тус илдьэн биэриэхтэрин сөп, — быһаарда РФ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Антон Котяков. — Эбии ыспыраапкалар ирдэммэттэр. Дойду үрдүнэн 3 — 16 саастаах 22 мөл кэриҥэ оҕо олорор. Бу оҕолорго биир кэмнээх төлөбүргэ 200 млрд солк ыытыллыаҕа«.

Госуслуга порталыгар сайабылыанньаны тутуу ыам ыйын 12 күнүттэн саҕаланар. Россия олохтоохторугар эрэ ананар.

Саастарынан хапсыы күнүн-дьылын от ыйын 1 күнэ 2020 сыл диэн быһаарылынна. Ол эбэтэр от ыйын 1 күнүгэр 3 сааһын туолбут буолуохтаах эбэтэр 16 сааһын ааспатах буолуохтаах, диэн биэдэмистибэҕэ быһаардылар.

Төлөбүр биир кэмнээх, нолуок тутуллубат, атын социальнай өйөбүл миэрэтигэр сыһыана суох.

Төлөбүрү ылыыга  2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри сайабылыанньаны биэриэххэ сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА